From Wikipedia, the free encyclopedia
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбата 2001 с. олунньу 14 күнүгэр 83 №-дээх уурааҕынан бигэргэппитэ
САХАЛЫЫ ТАБА СУРУЙУУ СИЭРЭ
Аан тыл - манна сахалыы таба суруйуу сиэрин кылгас историята уонна саҥа уларытыылар тоҕо уонна туох тосхоллорунан салайтаран киллэриллибиттэрэ сиһилии кэпсэнэр.
1. Саха тыла сүүрбэ аһаҕас дорҕоонноох: а, аа, о, оо, э, ээ, ө, өө — киэҥ; и, ии, ы, ыы, у, уу, ү, үү — кыараҕас; иэ, үө, ыа, уо — дьуптуон.
2. Саха тыла сүүрбэ бүтэй дорҕоонноох: б, г, ҕ, д , дь, й (j), л, м, н, нь, ҥ, р, һ — ньиргиэрдээх; к, п, с, т, х, ч — ньиргиэрэ суох.
3. Уһун аһаҕас, дьуптуон уонна хоһулаһар бүтэй дорҕоон сурукка икки буукубанан суруллар, холобур: таас, туус; ыар, иэс, уос, үөс; аттаах,муннук.
4. Хоһуласпыт ньнь бүтэй дорҕооҥҥо биир сымнатыы бэлиэтэ суруллар, холобур: оонньоо, оҕонньор, булгунньах, чаанньык.
5. Мурун [j] дорҕооно сурукка й буукубанан бэлиэтэнэр.
Xос быһаарыы: Мурун [j] дорҕоонноох тыл испииһэгэ "Тылдьыт" сыһыарыытыгар бэриллэр.
6. Тыл олоҕун бастакы сүһүөҕэ о эбэтэр а дорҕоонунан туспатыйан, дойду-дайды, хотуур-хатыыр, солуур-салыыр диэн курдук этиллэр буоллаҕына, сурукка о дорҕоонноох арааһа туттуллар: дойду, хотуур, солуур.
7. Тыл олоҕо ө эбэтэр э дорҕоонунан туспатыйан, сөрүүн-сэриин, өлүөр-элиэр, мөккүөр-мэккиэр, сөкү-сэки диэн курдук этиллэр буоллаҕына, сурукка ө дорҕоонноох арааһа туттуллар: сөрүүн,өлүөр, мөккүөр сөкү.
8. Тыл олоҕо и эбэтэр э дорҕоонунан туспатыйан, илии-элии, силии-сэлии, иҥиир-эҥиир, бириэмэ-бэриэмэ, кэнники-кэннэки диэн курдук этиллэр буоллаҕына, сурукка и дорҕоонноох арааһа туттуллар: илии, силии, иҥиир, бириэмэ, кэнники. Мантан туорууллар: эҥин, эһиги.
9. Тыл олоҕо а эбэтэр ы дорҕоонунан туспатыйан, ыйдаҥа-ыйдыҥа, антах-ынтах, наҕараада-наҕыраада, халтараан-халтыраан диэн курдук этиллэр буоллаҕына, сурукка а дорҕоонноох арааһа туттуллар: ыйдаҥа, антах, наҕараада, халтараан.
10. Дайбаа-тайбаа, судургу-сутургу, хайдах-хайтах диэн курдук д уонна т аралдьыһыылаах тыллар олохторугар д буукуба суруллар: дайбаа, дабыдал, далаһа, дай, судургу, хайдах.
11. Тыл саҕаланыытыгар с эбэтэр һ дорҕоонунан туспатыйан, суох-һуох, саха-һаха, сааскы-һааскы, сурук-һурук диэн курдук барыйааннаах буоллаҕына, сурукка с дорҕоонноох арааһа туттуллар: суох, саха, сааскы,сурук.
12. Тылга һ дорҕоон кылгас аһаҕас дорҕоонунан арыттанан хос хатыланар буоллаҕына, бастакыта с дорҕооҥҥо кубулуйар, холобур: эсэһит, сүөсүһут, үсүһүн; оттон уһатыылаах аһаҕаһынан араарыллар буоллаҕына уларыйбат, холобур: аһааһын, ууһааһын.
13. Түөрт-түөт, бэрт-бэт, булт-бут, тарт-тат, орт-от курдук икки аҥыы этиллэр тыл олоҕо -рт, -лт бүтүүлээх суруллар: түөрт, бэрт, булт, тарт, орт.
14. Тыл олоҕор ньиргиэрэ суох к, п, с, т, х, ч уонна ньиргиэрдээх д бүтэй дорҕооннор иннилэригэр турар р уонна л бүтэй дорҕооннор уларыйбаттар, холобур: ардах, бытархай, кырпай, оборчо, орто, саһархай; талкы, тэрилтэ, тэтэркэй, харчы, холку, чарпа, ылтаһын, эркин, булчут. Хос быһаарыы: алчай-аччай, былчархай-быччархай, былчыҥ-быч-чыҥ, бэгэлчэк-бэгэччэк, былчай-быччай, мүлчү-мүччү курдук икки аҥыы этиллэр тылларга чч суруллар: аччай, быччархай, быччыҥ; бэгэччэк, быч-чай, мүччү.
15. Аҕабыыт-аҕабыт, аҥыы-аҥы, аҥаар-аҥар, миин-мин, ойуун-ойун, туораах-туорах, эҥээр-эҥэр, эдьиий-эдьий, эмиий-эмий диэн икки аҥыы этиллэр тыл олоҕор уһун аһаҕас суруллар, холобур: аньыы, аҕабыыт, миин (эт миинэ), ойуун, эдьиий, эмиий, аҥ'аар, туораах, эҥээр. Хос быһаарыы: Сурук тылын бигэтик олохсуйбуг үгэһин ту-туһан, тарҕаныытын да учуоттаан, биирдиилээн тыллары суруйууга мантан туорааһын баар буолуон сөп. Холобур: тунах (тунаах буолбат), сугун (сугуун буолбат), ньирэй (ньиирэй буолбат), хоһу (хоһуу буолбат), күкүр (күкүүр буолбат).
16. Да5ааһын аат уонна сыһыат суолтатыгар туттуллар миэстэни уонна кэми көрдөрөр үөһэ-үөһээ, аллара-аллараа, киэһэ-киэһээ курдук туспатыйар тыллар даҕааһын суолталаннахтарына, олохторун бүтүүтүгэр уһун аһаҕас суруллар: үөһээ тутаах, аллараа кэрдиис, киэһээ чэй; оттон сыһыат суолталаннахтарына, кылгас аһаҕас суруллар, холобур: үөһэ турар, аллара уур, киэһэ кэлээр.
17. Туохтуур төлөө-төлүө, өрөө-өрүө, кэпсээ-кэпсиэ курдук туспатыйан этиллэр олоҕор уһун аһаҕас суруллар: төлөө, өрөө, кэпсээ.
18. Бүтүүлэрэ тоҕо-тоҕу, дьөлө-дьөлү, хайа-хайы, оҥо-оҥу курдук киэҥ эбэтэр кыара5ас аһаҕас дорҕоонунан туспатыйан этиллэр сыһыаттар олохторо киэҥ аһаҕас дорҕоонноох суруллар: тоҕо, дьөлө, хайа, оҥо.
19. Да (даа) диэн көмө тыл сыһыан тыл уонна ыйытар эбиискэ суолталаах буоллаҕына, аа дорҕоонноох суруллар, холобур: кэл даа көрдөһөбүн; туох даа?, онтон атын түбэлтэҕэ а суруллар, холобур: ким да суох, көрдүм да ыллым, соло да суох, ыарыйдарбын да үлэлээтим, кыра да эбит.
20. Ыарахан-ыараххан, улахан-улаххан курдук икки аҥыы этиллэр даҕааһын олоҕор биир х суруллар: ыарахан, улахан.
21. Гын диэн туохтуур уонна нуучча тылытган киирбиг г-нан саҕаланар сорох тыллар олохторо г дорҕоонноох суруллар: гын, гаас, гуорун, гиэрбэ, гаайка.
22. Тыл олоҕо х дорҕоонунан бүтэр буоллаҕына, ааттарга эбиллэр -чыт (-сыт) сыһыарыы ч буукубаттан саҕаланан суруллар, холобур: оһохчут, туһахчыт, куобахчыт; оттон тыл олоҕо к дорҕоонунан бүтэр буоллаҕына, сыһыарыы с буукубалаах суруллар, холобур: балыксыт, суруксут, ыанньыксыт. Мантан туорууллар: ынахсыт, табахсыт, чабырҕахсыт уонна өлүөхсүт, буолуохсут диэн курдук тыллар.
23. л, р, с, т дорҕооннорунан бүтэр ааттарга -чыт (-дьыт) сыһыарыы эбиллиитигэр тыл олоҕун бүтүү дорҕоонноро кубулуйбаттар, холобур: мас-масчыт, күөс-күөсчүт, от-отчут, эт-этчит, суол-суолдьут, хайыһар-хайыһардьыт, сүгэһэр-сүгэһэрдьит.
24. -мньы эбэтэр -мдьы сыһыарыынан үөскүүр баһымньы-баһымдьы, кыһамньы-кыһамдьы, өһүөмньү-өһүөмдьү курдук аат нь буукубалаах суруллар: баһымньы, кыһамньы, өһүөмньү.
25. -н дорҕоонунан бүтэр ааттарга эбиллэр элбэх ахсаан сыһыарыыга -лар хоһуласпыт нн дорҕоонноох суруллар, холобур: сэһэн-сэһэннэр, аан-ааннар, отон-отоннор (ойууттар, чилиэттэр, устудьуоттар буолбат). Мантан туорууллар: тойоттор, хотуттар, барахсаттар, эмээхситтэр, улахаттар курдук тыллар.
26. -р дорҕоонунан бүтэр ааттарга эбиллэр элбэх ахсаан сыһыарыыта -дар көрүҥнээх суруллар, холобур: оонньуур-ооннъуурдар, сыыр-сыырдар, солуур - солуурдар. Мантан туорууллар: дьахтар-дьахталлар, оҕонньор-оҕонньоттор, доҕор-доҕоттор.
27. -рт сэргэстэһиитинэн бүтэр тыл олоҕор түһүк сыһыарыыта эбиллэригэр т дорҕоон маннык уларыйар: түөрт-түөрдү-түөртэн-түөркэ, күөрт-күөрдү-күөртэн-күөркэ, кыырт-кыырды-кыыртан-кыырка.
28. Аһаҕас дорҕоонунан бүтэр аат олоҕор эбиллэр туттуу түһүк сыһыарыыта соҕотох н буукубалаах суруллар, холобур: салаанан, сүөһүнэн, быанан, буукубанан.
29. Аһаҕас дорҕоонунан бүтэр аат олоҕор тэҥнии түһүк сыһыарыыта -т буукубалаах суруллар, холобур: тыы-тыытааҕар, оҕо-оҕотооҕор, киһи-киһитээҕэр (тыылааҕар, оҕолооҕор, киһилээҕэр буолбат). 30. Тыл олоҕун тиһэх -п, -к, -х, -с дорҕоонноро аһаҕас дорҕоонунан саҕаланар сыһыарыы эбиллэригэр ханыылыы -б, -г, -ҕ, һ дорҕооннорго кубулуйаллар, холобур: сап-сабы, балык-балыгы, талах-талаҕы, сулус-сулуһу.
31. Тыл олоҕун тиһэх бүтэй дорҕоонноро дьүөрэлэһэн уларыйыылара сурукка маннык бэлиэтэнэр:
а) бүтүү –н дорҕоон -ҥ, -м буолар, холобур: аан-ааҥҥа-ааммыт; түөн-түөҥҥэ-түөммүт.
б) бүтүү -т дорҕоон -к, -п буолар, холобур: ат-акка-аппыт; хатат-хатакка-хатаппыт, суорат-суоракка-суораппыт.
32. Кэпсиир киэп кэлэр кэмин 2-с сирэйэ биир ахсааҥҥа ҥ дорҕоонноох суруллар, холобур: эн барыаҥ барыаҕыҥ эн аһыаҥ, аһыаҕыҥ:
33. Соруйар киэп 1-гы, 2-с сирэйдэрэ элбэх ахсааҥҥа ҥ дорҕоонноох суруллаллар, холобур: туруоҕуҥ; туруҥ, олоруоҕуҥ, олоруҥ, аһыаҕыҥ; аһааҥ.
34. Соруйар киэп 3-с сирэйэ элбэх ахсааҥҥа хоһуласпыт нн дорҕоонноох суруллар, холобур: кэллиннэр, кэлиэхтиннэр, бардыннар, барыахтыннар.
35. Бараайаҕын-бараайыккын, барыыһыгын-барыыһыккын, барааччы барааччык курдук туспатыйар туохтуурдар сыһыарыылара -аайа, -ыыһы, -ааччы көрүҥнээх суруллар, холобур: бараайаҕын, барыыһыгын, барааччы.
36. Туохтуур олоҕун тиһэх -р доҕооно дьаһайар туһаайыы –т сыһыарыыта эбилиннэҕинэ түспэт, холобур: сүүр-сүүрт, олор-олорт, бааһыр-бааһырт (сүүт, олот, бааһыт буолбат).
37. Туохтуур олоҕун тиһэх -й, -л, -р дорҕоонноро холбуу туһаайыы –с сыһыарыыта эбиллэригэр уларыйбат: барсабын, кэлсэҕин, кылыйсар.
38. Таҕыс, оҕус курдук туохтуур сирэйдэниитигэр бүтүү -с уларыйбат, холобур: охсобун, тахсабын, тахсар, охсор (оххобун, таххабын, оххор, таххар буолбат). Тыл ортотугар сэргэстэспит хс дорҕооннор дьүөрэлэһэн уларыйбаттар, холобур: барахсан, эмээхсин (бараххан, эмээххин буолбат).
39. -ны (-ни) сыһыарыынан үөскүүр даҕааһын аат хоһуласпыт ҥҥ дорҕоонноох суруллар, холобур: бүгүн-бүгүҥҥү, кыһыҥҥы, киэһэ-киэһээҥҥи, бэҕээһээ-бэҕэһээҥҥи.
40. Киэһэ, сарсыарда, бачча диэн ааттар диэри диэн дьөһүөлү кытта туттуллууларыгар хоһуласпыт ҥҥ суруллар, холобур: киэһээҥҥэ диэри, баччааҥҥа диэри, сарсыардааҥҥа диэри.
41. Туохтууртан даҕааһыны үөскэтэр -ҕор сыһыарыы эбиллэригэр э аһаҕас кэнниттэн -гэр, ө аһаҕас кэнниттэн –ҕөр буолар, холобур: кэдэгэр, мэтэгэр, уллэгэр, мөтөҕөр, бөлтөҕөр, көппөҕөр,
42. -ны (-кы, -гы) сыһыарыынан үөскээбит даҕааһын аат бүтүү кыараҕас аһаҕас дорҕооно таһаарыы түһүккэ уларыйбат, холобур: кыһыҥҥыттан, уруккуттан, күнүскүттэн (кыһыҥҥаттан, уруккаттан күнүскэттэн буолбат).
43. Дьаһайар туһаайыыттан -чы сыһыарыынан үөскээбит сыһыат чч дорҕоонноох суруллар, холобур: сардырҕаччы, күрдүргэччи, былтаччы, кэлтэччи (сардырҕатчы, күрдүргэтчи, былтатчы, кэлтэтчи буолбат).
44. -р дорҕоонунан бүтэр туохтууртан -чы сыһыарыынан үөскээбит сыһыат -рч дорҕоонноох суруллар, холобур: кытарчы, хараарчы, саһарчы (кытаччы, харааччы, саһаччы буолбат).
45. Ааспыт кэмнээх аат туохтууртан -на сыһыарыынан үөскээбит сыһыакка уонна сүүрбэ, отут ахсаан ааттан үөскээбит барыллааһын ахсаан аакка хоһуласпыт чч суруллар, холобур: барбычча, көрбүччэ,үөрбүччэ, сүүрбэччэ, отучча (барбытча, көрбүтчэ, үөрбүтчэ, сүүрбэтчэ, отутча буолбат).
46. Нуучча тылыттан ылан туттуллар тылы таба суруйууга маннык сүрүн ирдэбил тутуһуллар:
1) Олохсуйбута өр буолбут, киэҥник туттуллан сахалыы көрүҥнэммит остуол, куорат, дьыала, бирикээс, оскуола, сокуон, дьааһыла, ачыкы курдук, ону сэргэ саха тылын сокуонугар дэбигис сөп түбэһэр, үөрүйэх буолбут киэҥ туттуллуулаах рынок-ырыынак, кино-киинэ, тема-тиэмэ, мансарда-мансаарда, алфавит-алпаабыт, обои-обуой, автомат-аптамаат курдук тыллар сахалыы көрүҥүнэн суруллаллар.
2) Саха тылыгар араастык этиллэ сылдьар, үөрүйэх буола олохсуйа илик бизнес-биисинэс, съезд-сийиэс, рентген-эрэнгиэн, музей-мусуой, термометр-тэрмэмиэтир, самолет-сөмөлүөт, фермер-пиэрмэр, паркет-паркыат курдук тыллар сахалыы да нууччалыы да көрүҥүнэн суруллаллар.
3) Наука, техника, политика эйгэтигэр киэҥник туттуллар уонна саха тылын сокуонугар дэбигис бас бэриммэт архитектура, неолит, материализм, меморандум, нацизм, полиграфия, арболит, стрептоцид курдук тыллар олохторо нууччалыы көрүҥүнэн суруллаллар. Xос быһаарыы: Маннык тыллар кэлин киэҥник тарҕанан сахалыы туттуллар буоллахтарына, сахалыы суруллуохтарын сөп.
47. Сир-дойду уонна дьон аата нууччалыы да сахалыы да суруллар, холобур: Япония — Дьоппуон, Алдан — Аллан, Амур — Амыр, Сибирь — Сибиир, Америка — Эмиэрикэ; Иванов, Петров, Сидоров, Мария, Фекла, Петр, Тумусов; Уйбаныап, Бөтүрүөп, Сиидэрэп, Маарыйа, Сүөкүлэ, Бүөтүр, Тумууһап.
48. Сир-дойду аата, эр дьон араспаанньата, -ск бүтүүлээх куорат уонна -ий, -ый бүтүүлээх даҕааһын нууччалыы сурулларыгар -ай эбэтэр –эй бүтүүлээх бэриллэр: Новай Гвинея, Охотскай муора, Пекарскай, Горькай, Курскай, Минскэй, этиловай испиир, физическэй география. Xос быһаарыы: Нууччалыы суруллар аат бүтүү охсуулаах о дорҕооно уларыйбат, холобур: Чудской күөл, Чусовской, Донской.
49. Сахаҕа ханыыта суох бүтүүлээх тыллар сэргэстэһэр дорҕооннорун ыккардыгар кыбытык аһаҕас дорҕоон этиллэр да буоллаҕына, тыл олоҕо сыһыарыы иннигэр уларыйбат, холобур: зубр-зубру, рефлекс-рефлекскэ, диаметр-диаметрга.
50. Тыл олоҕун бүтэһик ф дорҕооно аһаҕас дорҕоонунан саҕаланар сыһыарыы эбиллиитигэр б буолар: географ-геограбы, томограф-томограбы, оттон тыл олоҕун бүтэһик в буукубата сыһыарыы эбиллиитигэр уларыйбат, холобур: Сивцев-Сивцеви, Николаев-Николаевы.
51. -кт, -пт, -фт, -хт бүтүүлээх тыллар уларыйыыларыгар тиһэх дорҕоонноро түһэр, онтон хаалбыт к, п, ф, х дорҕооннор сыһыарыы аһаҕас дорҕоонун иннигэр ньиргиэрдээххэ кубулуйаллар, холобур: контакт-контагы, лифт-либи, рецепт-рецеби, Либкнехт-Либкнеҕи.
52. -рд, -рт бүтүүлээх тыллар сахалыы -рт бүтүүлээх тыл курдук уларыйаллар, холобур: бильярд-бильярды-бильярка, рекорд-рекорду-рекорка, спорт-спорду-спорка.
53. Тиһэх ж, з, ц, ш, щ дорҕооннор аһаҕас дорҕоонунан саҕаланар сыһыарыы эбиллиитигэр һ буолаллар, холобур: репортаж-репортаһы, водолаз-водолаһы, ранец-ранеһы, душ-дуһу, плащ-плаһы.
54. -йд, -л/с, -мб, -мп, -нд, -рв, -нк, -ск дорҕооннорунан бүтэр тыллар уларыйыыларыгар олохторун уонна сыһыарыы ыккардыгар 58-с сиэр а), б) пууннарынан салайтаран, аһаҕас дорҕоон эбиллэр, холобур: рейд-рейдэни, ромб-ромбаны, тальк-тальканы, штамп-штампаны, стенд-стендэни, резерв-резервэни, цинк-цинкэни, киоск-киосканы.
55. Икки бүтэй дорҕоон хоһулаһыытынан эбэтэр -нт, -нг, -ст, -зд сэргэстэһиитинэн биитэр сымнатыылаах дорҕоонунан бүтэр тыллар уларыйыыларыгар бүтэһик дорҕоонноро эбэтэр сымнатыылара сүтэр, оттон хаалбыт дорҕоон сахалыы тылга курдук уларыйар, холобур: ватт-ваты-вакка; департамент-департамены-департамеҥҥа, мониторинг-мониторины-мониториҥҥа, юрист-юриһы-юриска, подъезд-подъеһы-подъезка (ол эрээри: ринг-рингэҕэ, ранг-рангалаах).
Xос быһаарыы: -ль дорҕоонунан бүтэр аат тыл л-тан уонна аһаҕастартан ураты дорҕоонунан саҕаланар сыһыарыы эбиллиитигэр сымнатар бэлиэтин сүтэрбэт, холобур: кабель-кабельга, ансамбль-ансам-бльга, Кремль-Кремльгэ; аһаҕас уонна л дорҕоонунан саҕаланар сыһыарыы эбиллиитигэр сьшнатыыта сүтэр: кабелы, кабеллары, Кремли, ансамбли, ансамбллары.
56. Аат тыл тиһэх сүһүөҕүн аһаҕас дорҕооно сыһыарыы эбиллиитигэр уларыйбат, холобур: Ефимов-Ефимовтан, черчение-черчениены (Ефимавтан, черченияны буолбат).
57. Саха тылын курдук бүтүүлээх нуучча тылын сыһыарыыта сахалыы суруллар, холобур: лимон-лимоҥҥа, физик-физиккэ, лауреат-лауреакка.
58. Нууччалыы суруллар тылга сыһыарыы аһаҕас дорҕооно сурукка бу курдук бэриллэр:
а) тыл олоҕор биир эмэ кэлин аһаҕас дорҕоон (а, о, у, ы) эбэтэр я, ю баар буоллаҕына, сыһыарыыга ы эбэтэр а суруллар, холобур: университет-университеты-университеттан, химия-химияны, юрист-юриһы-юристан.
б) тыл олоҕор аҥардас илин аһаҕас дорҕооннор (и, е, э) эбэтэр –тель диэн сүһүөх баар буоллахтарына, сыһыарыыга и, э суруллар, холобур: президент-президени-президеҥҥэ; рейс-рейскэ-рейсинэн; преподаватель-преподавательгэ-преподавателинэн.
в) тыл олоҕун тиһэх сүһүөҕэр у, ю, ё эбэтэр охсуулаах о баар буоллаҕына, сыһыарыыга у, а суруллар, холобур: Бекренёв-Бекренёву, парашют-парашюту, Серов-Серову, мазут-мазуту (Бекреневи, парашюты, Серовы, мазуты буолбат).
59. Этии бастакы тыла улахан буукубаттан суруллар.
Xос быһаарыылар:
1) Этии бүтэ илигинэ турбут элбэх туочука кэнниттэн салгыы кэлэр тыл кыра буукубаттан суруллар, холобур: Эн миэхэ... уларсыаҥ этэ дуо? (Амма Аччыгыйа).
2) Сирэй саҥа бүтүүтүгэр турар ыйытыы, күүһүрдүү бэлиэлэрин уонна элбэх туочука кэнниттэн кэлэр ааптар тыла кыра буукубаттан суруллар, холобур:
— Дьэ, оччоҕо манна туох хаалар ? — диэн кыыс эмиэ ыйытта.
— Дьиэм бу баар. Баһыыбаларыҥ! — диэн, киһи түннүгүнэн хаһыытаан хаалла.
— Ийэлэр диэн эйэҕэс сүрэхтээх дьон буолаахтыыллар... — диэтэ Петя уоһун кытта. (Амма Аччыгыйа)
3) Туһулуу эбэтэр саҥа аллайыы бүтүүтүгэр турар күүһүрдүү бэлиэтин кэнниттэн кэлэр тыл улахан буукубаттан суруллар, холобур: Сахам Сирэ! Үөр-көт, киэн тутун. (Эллэй) Ычча! Кыһыммыт төннөн кэллэ. (Амма Аччыгыйа)
4) Икки туочука кэнниттэн кэлэр сирэй саҥа, сытаата эбэтэр саҥа олуктан саҕаланар тиэкис кэрчигэ улахан буукубаттан суруллар, холобур: Ким эрэ биһигиттэн: "Истэбит ", — диэтэ.
Мунньах уурар:
1. Муус устары ырааһырдыы ыйынан биллэрэргэ.
2. Үлэни тэрийэргэ биэс киһилээх хамыыһыйаны таларга.
5) Этии салгыытын курдук суруллар сытаата кыра буукубаттан саҕаланар, холобур: "Кыым " хаһыакка "былыттар, көстөн иһэн тунаарар тумарыкка симэлийдилэр " диэн суруллубут.
6) Киэҥник туттуллан, үгэскэ кубулуйан, үөрүйэх буолан эрэр, ытыктаан, сүгүрүйэн этэргэ туттуллар "эн" диэн сирэй солбуйар ааты улахан буукубаттан суруйуохха сөп.
Холобур: — Буркун оҕонньор, Эн төрөөбүт айылҕаҥ амарах тыынын уонна муудараһын эккэр-хааҥҥар, сүрэххэр-дууһаҕар иҥэриммит сэдэх дьоннортон биирдэстэрэ этиҥ. (Иван Гоголев) Өр сылга Эйиэхэ эппэккэ сылдьыбыппын дьэ этээри гынабын. (Р. Баҕатаайыскай)
60. Анал аат улахан буукубаттан суруллар:
1) киһи аата, суруйар аата (псевдонима), хос аата, дьиэ сүөһүтүн, кыылын уо.д.а. анал аата, холобур: Баһылай, Ньургуйаана, Күндэ, Хачыгыр, Өрүөстээх, Моойторук;
2) сир-дойду эйгэтин (куорат, сэлиэнньэ, өрүс, күөл, муора уо.д.а.), халлаан куйаарын эттигин, тэрилтэ, айымньы уо.д.а. анал ааттара, холобур: Москва, Амма, Бүлүү өрүс, Байкал күөл, Охотскай муора, Марс планета, Холбос, "Төлкө " арамаан.
Хос б ы һа а р ы ы: Анал аат суолтатын чопчулуурга эрэ эбиллэр арыы, тумул, муора, хомо, өрүс, күөл, сыһыы, куорат, планета курдук тыл кыра буукубаттан суруллар: Дьокуускай куорат, Алдан өрүс, Ньидьили күөл, Хатыыстаах арыы, Венера планета.
61. Хас да тыллаах анал аат бастакы уонна сүрүн суолталаах тыла улахан буукубаттан суруллар, холобур: Арассыыйа Атын дойдутааҕы дьыалаларын министиэристибэтэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наукатын академията;
1) тэрилтэ толору ыйаахтаах аата: Саха сиринээҕи кинигэ кыһата, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай драматическай тийээтирэ;
2) баартыйа, уопсастыбаннай тэрилтэ толору аата: "Ийэ тыл" түмсүү, "Саха кэскилэ "хамсааһын, "Оһуохай "уопсастыба;
3) соҕотохтуу туттуллар кыахтаах, быһаарар суолталаах уулусса, болуоссат, муора, акыйаан курдук тылларынан үөскүүр икки тыллаах анал аат, холобур: Кыһыл болуоссат, Горькай уулусса, Хара муора, Чуумпу акыйаан;
4) бырааһынньык, дьоһуннаах даата аата: Саҥа дьыл, Аан дойду дьахталларын күнэ, Аҕа дойду Улуу сэриитэ;
5) норуоттар икки ардыларынааҕы уонна тас дойдуларга баар уопсастыба, судаарыстыба, идэлээхтэр уо.д.а. тэрилтэлэрин аата: Идэлээх сойуустар бүтүн аан дойдутааҕы федерациялара;
6) хабыычыкаҕа ылыллар наҕараада, уус-уран айымньы, хаЬыат, сурунаал, тэрилтэ уо.д.а. аата, холобур: "Далбар хотун " (сурунаал), "Эдэр саас " (хаһыат), "Өрүстэр кирбиилэрэ " (арамаан), "Сырдык сулус " (тэрилтэ), "Үлэҕэ килбиэнин иһин " (мэтээл).
62. Хас да тыллаах аат бары тыла улахан буукубаттан суруллар:
1) дьон толору аата, суруйар аата, хос аата, дьиэ сүөһүтүн уо.д.а. анал аата: Омоҕой Баай, Максим Петрович Иванов, Амма Аччыгыйа, Туора Муос;
2) сиргэ-дойдуга уонна халлаан куйаарыгар баар эйгэ, эттик (куорат, сэлиэнньэ, өрүс, күөл, муора, халлаан эттигэ) анал аата, холобур: Орто Халыма, Ытык Күөл, Кыыллаах Арыы, Амма Наахара, Улуу Сыһыы, Хотугу Муустаах Байҕал, Сылгы Ыытар, Саҥа Сир, Араҥас Сулус.
3) судаарыстыба толору аата: Америка Холбоһуктаах Штаттара, Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтэ;
4) норуоттар икки ардыларынааҕы суолталаах тэрилтэ аата: Холбоһуктаах Наассыйалар Тэрилтэлэрэ, Эйэ Бүтүн Аан дойдутааҕы Сэбиэтэ;
5) судаарыстыба үрдүкү тэрилтэтин аата, холобур: Ил Түмэн, Федерация Сэбиэтэ, Арассыыйа Үрдүкү Суута;
6) уордьан аатыгар "уордьан" уонна "истиэпэн" диэнтэн ураты тыллар: Аҕа Дойду Сэриитин I истиэпэннээх уордьана, Кыһыл Сулус уордьан;
7) бочуоттаах аат уонна үрдүкү дуоһунас аата: Социалистический Үлэ Геройа, өрөспүүбүлүкэ Палаататын Бэрэссэдээтэлэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин Президенэ.
Хос б ы һ а а р ы ы: Мантан атын түбэлтэҕэ соло, чыын-хаан уонна дуоһунас аат кыра буукубаттан суруллар, холобур: миниистир, президент, герой; 8) бастакы буукубанан суруллар кылгатыы сахалыы улахан буукубаттан суруллар, холобур: АФ (Арассыыйа Федерацията), ХИТ (Холбоһуктаах Наассыйалар Тэрилтэлэрэ), КНӨ (Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтэ).
63. Сир-дойду икки тыллаах анал ааттара дэпииһэ суох иккиэн улахан буукубаттан суруллаллар, холобур: Орто Халыма, ҮөһээБүлүү, Улахан Чыыстай, Ытык Күөл, Арыы Тиит, Улуу Сыһыы, Хатын- Тумул; Мэҥэ Хаҥалас, Амма Наахара, Тулагы Киллэм, Түбэй Дьаархан, Уус Алдан, Эбээн Бытантай; Сылгы Ыытар, Оҕус Арыылааҕа, Тойон Уйалаах.
64. Дэпиис туттуллар:
1) күүһүрдэр эбиилээх даҕааһын ааттарга, холобур: кып-кыһыл, кубус-кураанах, нүрү-нүксүгүр, ылы-чып;
2) паараласпыт тылларга, холобур: от-мас, үтүө-мөкү, биэс-алта, ол-бу, кэлии-барыы, саҥар-иҥэр, сүүрэн-көтөн; түҥ-таҥ; лис-лас, марай-сарай;
3) саҥа суолталаах тылы үөскэтэр хоһулаһыыга, холобур: күлэ-күлэ, ыксаан-ыксаан, бэйэ-бэйэтиттэн, киһи-киһиттэн, үрүт-үрдүгэр, орун-оннугар, саас-сааһынан, тус-туспа, кэллэ-кэлээт.
4) нуучча тылыттан киирэр тылларга:
а) научнай-чинчийэр, маассабай-политическай;
б) алма-атинскай, силлабо-тоническай, социал-демократическай;
в) генерал-майор, Римскэй-Корсаков, Сен-Симон, Нью-Йорк, вице-президент, экс-чемпион.
Xос быһаарыы:
1) Биир олохтоох тыллар ситимнэһиилэригэр дэпиис турбат, холобур: от оттоон, киһи киһиттэн орпот, бэрдинэн бэрт, бардар баран, муос муоска, элбэхтэн элбэх, үлэлээбит үлэҥ, баран баран (кэллэ), бэйэтэ бэйэтиттэн (тэбиэһирэр);
2) сыстар тылын кэннигэр турар эбиискэ дэпииһэ суох суруллар, холобур: сүгэ той, чахчы бааччы, быа иттэ, таҥас эҥин.
65. Тыл атын устуруокаҕа сүһүөҕүнэн көһөрүллэр. Сүһүөх бүтэй дорҕооно кини кэнниттэн кэлэр аһаҕас дорҕоонтон арахсыбат, холобур: ба-рар, та-йах, ыар-да, саас-кы, хо-йуу, то-то-рор.
Xос быһаарыы: Аһаҕас дорҕоонтон, дьуптуонтан турар соҕотох сүһүөх устуруока бүтүүтүгэр хаалбат. Холобур, бу курдук көһөрөр сатаммат: ы-тар, аа-һыы, үө-рэх, уо-лат-тар.
66. Тыл сүһүөҕэ буолбат бүтэй дорҕоон, уһун аһаҕас дорҕоон уонна дьуптуон тылы көһөрүүгэ араарыллыбат. Холобур, бу курдук көһөрөр сатаммат: к-ыһыл, кыһы-л, үүттэ-эх, ы-ал, уҥу-ох.
67. Арааран көһөрүллүбэттэр:
1) уо.д.а., о.д.а., а.э. диэн курдук кылгатыы;
2) ХНТ, АХШ, ТУ-154 диэн курдук бастакы буукубаларынан кылгатан суруллар тыллар; киһи араспаанньатыттан аатын, аҕатын аатын бастакы буукубатынан кылгатан суруллуута
68. Атын устуруокаҕа көһөрүллүбэт:
1) туочука эбэтэр туочука кэнниттэн кэлэр быһа тардыллыбыт сирэй саҥа иккис чааһын иннигэр турар тириэттэн ураты бары сурук бэлиэтэ;
2) сыыппараҕа эбиллэр сыһыарыы (7-с, 10-с диэн арахсыбат);
3) кылгатыыны инники турар тылыттан арааран (1961-с., Москва-к. диэн араарар сыыһа);
4) кээмэйи кылгатан бэлиэтиир буукубаны сыыппараттан арааран (10-м, 3-мм2, 6-кг диэн араарар сыыһа).
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.