From Wikipedia, the free encyclopedia
Рембрандт Харменс ван Рейн (Rembrandt Harmenszoon van Rijn, 1606 от ыйын 15 – 1669 алтынньы 4), Недерланд уруhуйдьута уонна офортааччыта. Недерланд историятын бастыҥ уруhуйдьута, Эуропа дьоҕурун историятыгар биир улуу уруhуйдьут буолар. Недерланд алтан үйэтин кэмин биир уhулуччулаах киhитэ буолар.
Эдэр сааhыгар ситиhиилээх мэтириэт уруhуйдьута быhыытынан биллибитэ. Сааhыран баран олоҕо сатамматах, үп-харчы өттүнэн ыарахаттары көрсүбүт. Ол да буоллар кини уруhуйдара уонна гравюралара олоҕун тухары хайҕаналлара уонна биhирэбиллэнэллэрэ. Сүүрбэ сыл устата кини элбэх дьоһуннаах Недерланд уруhуйдьуттарын үөрэппит. Рембрандт бастыҥ ситиhиилээх үлэлэринэн буолаллар үөлээннээхтэрин мэтириэттэрэ, бэйэ мэтириэттэрэ уонна Биибилийэ көстүүлэрин ойуулааhыннара. Бэйэ мэтириэттэригэр Рембрандт бэйэтин бэрдимсийиитэ суох уонна олус истиҥник ойуулуур.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.