From Wikipedia, the free encyclopedia
Петров Дмитрий Ананьевич (21.06.1921—06.11.1971) — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Албан аат уордьанын толору кавалера.
1921 сыллаахха бэс ыйын 21 күнүгэр Таатта улууһугар бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Уолба сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ, сэриигэ барыар диэри промартыал суоччутунан үлэлээбитэ. Аармыйаҕа 1942 с. Чурапчы военкоматынан ыҥырыллыбыта. Бастакы Белоруссия фронугар тиийэн 65-с танковай биригээдэҕэ пулеметчик буолар, Белоруссияны, Польшаны босхолоһор, Арҕаа Буугу туорааһыҥҥа кыттар. 1945 с. муус устар 2 күнүгэр Хоенштейн диэн нэһилиэнньэлээх пууну ылар иһин кыргыһыыга өстөөх пулеметтаах дзотугар ыга сыыллан кэлэн, гранаталарынан тамнаан суох гынар, батальон кыайыытын хааччыйар, бааһыран да баран сэрии хонуутуттан тахсыбат[1]. Бу хорсун быһыытын иһин Албан аат уордьан I истиэпэнигэр түһэриллэн, уордьан толору кавалера буолар.
Сэрииттэн эргиллэн кэлэн төрөөбүт оройуонугар Тааттаҕа сэбиэскэй уонна партийнай тэрилтэлэргэ үлэлээбит.
1971 сыллаахха сэтинньигэ өлбүт.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.