От ыйын 9 диэн Григориан халандаарыгар сыл 190-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 191-c күнэ). Сыл бүтүө 175 күн баар.
- Австралия Австралия — Конституция күнэ
- Азербайджан Азербайджан — Дипломатия үлэһиттэрин күнэ
- Аргентина Аргентина — Тутулуга суох буолуу күнэ, Соҕуруу Америка холбоһуктаах провинциялара Tucumán сийиэһин 1816 сыллаахха ыыппыттар
- Казахстаан Казахстаан — Уу хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнэ
- Камбодьа Камбодьа — Мас күнэ (Arbor Day)
- Марокко Марокко — Хасан II күнэ
- Нунавут Нунавут — Нунавут күнэ. 1993 сыллаахха плебисцит кэнниттэн Канаада түмэнэ Нунавут сокуонун ылыммыт, алта сыл буолан баран Нунавут Хотугулуу-Арҕаа территорияттан арахсан туспа территория бырааптаммыт. 2000 сыллаахха бастаан бэлиэтэммит
- Панаама Панаама — Толук буолбут дьон күнэ
- Палау Палау — Конституция күнэ
- Сан-Паулу Сан-Паулу — Конституция өрөбөлүүссүйэтин күнэ
- Соҕуруу Судаан Соҕуруу Судаан — Тутулуга суох буолуу күнэ
- 1401 — Тимур Джалаиридтар султанааттарыгар кимэн киирбит, Багдад куораты урусхаллаабыт.
- 1762 — Сыл аҥаара Арассыыйаны салайбыт ыраахтааҕы Петр III (Петр I кыыһын уола, аҕата ньиэмэс) саагыбар оҥорон былаастан туораппыттар, кини оннугар ойоҕо Екатерина II (кэргэн тахсыан иннинэ Пруссия куоратын принцессата этэ) бүрүстүөлгэ олорбут. Биир уоллаахтар этэ (кэлин ийэтэ өлбүтүн кэннэ Павел I диэн ыраахтааҕы буолбута). Петр III биир нэдиэлэ буолан баран өлөн хаалбыта, хайдах өлбүтэ чопчу биллибэт, дьоҥҥо геморройтан сылтаан сүрэҕэ тохтообут диэн быһаарбыттара.
- 1790 — Фиин хомотугар Швеция флота Арассыыйа флотун үлтүрүппүт (билиҥҥи Финляндия Котка куоратын аттыгар). Бу кыргыһыы Швеция байҕалга саамай бөдөҥ кыргыһыытынан буолбута, ону тэҥэ Балтика байҕалыгар буолбут саамай бөдөҥ кыргыһыы (Швеция 275 хараабылыгар 14 тыһ. киһилээҕэ, Арассыыйа 240-274 хараабылыгар 18,5 тыһ. киһилээҕэ). Манан Арассыыйа-Швеция 1788–1790 сс. сэриитэ түмүктэммитэ.
- 1791 — Мачиннааҕы кыргыһыы — Репнин салайааччылаах нуучча армията туроктары Мачин (Мэчин, Macin, Румыния) диэн куорат таһыгар үлтүрүрүппүт. Бу кыргыһыы Яссатааҕы эйэлэһиини түргэтэппитэ.
- 1816 — Аргентина Испанияттан тутулуга суоҕун биллэрбит күнэ.
- 1918 — Центросибирь бэрэстэбиитэлэ, Сэбиэскэй былааһы олохтооһун инструктора Былатыан Ойуунускай Саха сирин үлэлээн иитиллээччилэригэр туһаайан олохтоох сэбиэттэри тэрийэргэ ыҥырбыта.
- 1922 — И.П. Мизин хамандыырдаах кыһыл этэрээт Уус-Майа сэлиэнньэлэрин Петропавловскайы, Уус Майаны, Троицкайы босхолообут.
- 1943 — Аан дойду иккис сэриитэ: Союзниктар Сицилияҕа кимэн киирбиттэр. Бу түмүгэр сорох устуоруктар сынабылларынан Италияҕа Муссолини былаастан туоратыллыбыт, онтон Гитлер Курскай кыргыһыыттан тахсарга күһэллибит.
- 1944 — Аан дойду иккис сэриитэ бүтүүтүн саҕана Тали-Ихантала кыргыһыытыгар Сэбиэскэй Сойуус кимэн киириитин Финляндия тохтоппут. Онон сэрии кэнниттэн Финляндия тутулуга суох капиталистическэй дойдунан хаалбыт.
- 1985 — Кырсаһыт Семен Горохов (14.09.1930 төр.) Социалистыы Үлэ Дьоруойа буолбут.
- 1993 — Канаадаҕа Хотугулуу-Арҕаа Территориялартан Нунавут диэн инуиттар (эскимостар) олорор сирдэрэ туспа территория буолан араарыллыбыт. Бу Арктикаҕа сытар олус киэҥ уонна кыра нэһилиэнньэлээх сир (2012 сыллаахха — 33 тыһ. киһи).
- 2002 — Африка Холбоhуга тэриллибит. Бу холбоһукка 1 миллиард кэриҥэ нэһилиэнньэлээх Африка дойдулара бары киирэллэр. Штаб-кыбартыырата Эфиопия киин куоратыгар Аддис-Абебаҕа баар.
- 2011 — Соҕуруу Судаан тутулуга суох буолбут уонна Судаан састаабыттан тахсыбыт.
- 1930 — Павел Григорьев төрөөбүт, САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ (1989 өлбүт).
- 1932 — Николай Берестов — композитор, Дьокуускайдааҕы музыка училищетын учуутала. 1964 сыллаахтан Саха сиригэр олорбут уонна үлэлээбит композитор, саха төрүт муусукатын чинчийээччи, саха муусукатын тэриллэрин (үнүстүрүмүөннэрин) түмэлин тэрийээччи, хомуһу симфоническай оркестрга киллэрэн онно оонньуур сүрүн үнүстүрүмүөн быһыытынан аан бастаан туһаммыта. Саха сирин композитордарын сойууһун төрүттээбитэ уонна уон сыл тухары салайан үлэлэппитэ (1979-1989).
- 1959 — Леонид Владимиров — РФ уонна СӨ билимин үтүөлээх диэйэтэлэ, РАЕН академига, биология билимин дуоктара, профессор, Ил Түмэн дьокутаата.
- 1962 — бэйиэт, суруйааччы, суруналыыс Арчылан.
- 2010 — Василий Роббек — Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукатын Академиятын академика, тыл үөрэҕин билимнэрин доктора, Хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын Институтун төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, 1992 сылтан 2008 сыллаахха диэри салайбыта.