From Wikipedia, the free encyclopedia
Остуоруйа диэнинэн норуот бэйэтин баҕатын, эрэлин, олоҕун-дьаһаҕын туһунан этэр, кэрэхсээн истиллэр дьикти-дьиибэ, фантастическай кэпсээннэр ааттаналлар. Остуоруйа бүтүн аан дойду үрдүнэн бары омуктарга барыларыгар баар, ону тэҥинэн, биһиэхэ, сахаларга эмиэ.
Өбүгэлэрбит оҕолорун олоххо бэйэлэрин сыһыаннарынан, көрүүлэринэн, холобурдарынан иитэллэр этэ. Ол курдук үлэҕэ сыһыан, айылҕаҕа сыһыан, аска-үөлгэ сыһыан, таҥаска-сапка сыһыан, дьоҥҥо-сэргэҕэ сыһыан, итэҕэлгэ сыһыан о.д.а. Оҕону сиэр-майгы өттүнэн иитэргэ норуот уус-уран айымньытын биир көрүҥэ — остуоруйа улахан төһүү күүс буолар. Оҕо киһи тылын өйдүүр буолаатын кытары остуоруйа кэпсиир идэлээхтэр эбит.
Саха фольклоругар баар остуоруйалары сүнньүнэн үс суолга араарыахха сөп:
1. Нуучча кэпсээннэрин, остуоруйаларын матыыптарынан толоруллубут, эбэтэр сахатытыллыбыт остуоруйаларга. Холобура: Киристипиэл, Албын бааһынай о.д.а.
2. Нууччаттан ылыллыбыттарга: Уйбаан Сарыабыс, Соломуон Муударас, Бабаа Кэрэлиэбис, Суккун сонноох Суут Албын, уо.д.а.
3. Саха бэйэтин төрүт остуоруйаларыгар. Холобура: Таал-Таал эмээхсин, Чаарчахаан, Урааныкаан оҕонньор, Үчүгэй Үөдүйээн, Чыычаах уонна Моҕус, Чөркөй икки Барылла икки, Бүүкээнниир Ыаһах, Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин о.д.а.
Үөрэхтээхтэр саха остуоруйаларын ис номохторуттан, кинилэр туттар ньымаларыттан көрөн үс суолга наардыыллар:
1. Хамсыыр харамай туһунан остуоруйаларга (сказки о животных). Холобур: Кутуйахтаах тайах, Сордоҥ уонна улар, Куобах тоҕо кылгас кутуруктаммытай, Куоҕас суор икки
2. Дьиктилээх-алыптаах остуоруйаларга (волшебные сказки). Холобур: Чаачахаан уонна Алаа Моҕус, Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин, Таал-Таал эмээхсин,Быт-Быт оҕонньор о.д.а
3. Олох-дьаһах остуоруйаларыгар (бытовые сказки). Холобур: Сүгэґэрин чэпчэппит, уустук үллэрии, муммут уолаттар о.д.а.
Остуоруйа иитэр суолтата
Өбүгэлэрбит остуоруйа кэпсээн, оҕолорун олоххо сыһыаҥҥа үөрэтэллэрэ: дьол иһин охсуһууга, итэҕэлгэ, үгэскэ, тулалыыр айылҕаҕа, куһаҕаны уонна үчүгэйи араарарга, толкуйдуурга уонна тылы сайыннарарга. Үгүс остуоруйаларга норуот үчүгэй өрүтэ көстөр: үлэ, талаан, үлэҕэ уонна охсуһууга эрэл, Ийэ дойдуга таптал. Ол остуоруйаларга баар норуот үчүгэй өрүттэрэ, көлүөнэттэн көлүнэҕэ бара турарыгар туһалаах.
Онон өбүгэлэрбит остуоруйа көмөтүнэн оҕону
1. үчүгэйи-куһаҕаны араарга үөрэтэллэрэ
2. тулалыыр эйгэни кытары билиһиннэрэллэрэ
3. төрөөбүт тылынан саҥарарга, тылы билэргэ үөрэтэллэрэ
Ханнык баҕарар остуоруйаны иһиттэххэ бэрт борустуой курдук гынан баран, ис номоҕо дириҥ буолар эбит, үөрэтэр суолтата сүрдээх киэн эбит. Холобур:
№ | Остуоруйа аата | Иитэр суолтата |
Таал-Таал эмээхсин | Бу аан дойдуга туохтан да күүстээх киһи, туохтан да күндү киһи олоҕо эбит. | |
Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин |
| |
Куобах тоҕо кылгас кутуруктаммытый? | Куттас буолан кылгас кутуруктаммыта. Ол аата куттас киһи онно-манна тиксэр, сыыһата элбэх буолар диэн өйдөтөр. | |
Куоҕас суор икки | 1. Албыннаатахха бэйэҕэр куґаҕан кэлэр
2. Эппит тылгын толорор буол | |
Атыыр уонна атыыр о5ус | Бэйэ5ин эрэ сананыма атыттары эмиэ токкуйдаа. | |
Кутуйахтаах тайах | 1. Киһи улахана кырата быһаарбат, киһи өйүнэн сыаналанар
2. Кыралары сэнээбэт буол, күүстээх буоллаххына киһиргээмэ | |
Күтэр чыычаах икки | Эппит тылгын оҥорор буол, оҥорботоххуна бэйэҕэр куһаҕан буолуо | |
Куоҕас | 1 Эйиэхэ биэрбиттэрин мыыныма
2 Атыттарга биэрбиттэриттэн кыыһырыма | |
Алаа Моҕус уонна Чаарчахаан | Өйдөөх буоллахха барытыттан кыайыылаах тахсыаххын сөп | |
Харата эмээхсин уонна Алаа Моҕус | Наһаа итэҕэйэр буолума, албынныахтарын сөп | |
Сүгэһэрин чэпчэппит | Сүгэһэрдьит курдук акаары буолума | |
Өйдөөх кыыс | Остуоруйаҕа кыыс мындыр өйүн, булугаһын туһунан суруллубут. Бу остуоруйа оҕону өйгө, булугаска үөрэтэр. | |
Күөрэгэй | Аһыныгас буоларга үөрэтэр | |
Уустук үллэрии | Булугас өйдөөх, киитэрэй буоларга үөрэтэр | |
Оноҕочоон Чуохаан икки Олоон Долоон икки | Дьон баай-дьадаҥы диэн арахсыы мөкү өрүтүн, киһи киһини атаҕастыыра куһаҕанын үөрэтэр сыаллаах-соруктаах. | |
Тутум Түүкээн | Бу остуоруйа оҕолору ымсыы, акаары, бардам буолбатыннар диэн үөрэтэр. |
«Ханнык баҕарар омук ыччатын, дьонун иитэр биир сүрүн күүһүнэн, кини тыла буолар. Ол туһугар анал тыл-өс, айымньылар үөскээбиттэр. Оннуктарынан биһик ырыаларын, остуоруйалары, өс хоһооннорун, олоҥхолору, оһуохайдары, норуот ырыаларын, онтон да атыттары ааттыахха сөп»,- диэн суруйбута К. С. Чиряев «Олох педагогиката» диэн кинигэтигэр.
Оҕону өйүн-санаатын кыратыттан остуоруйа эйгэтигэр ииттэххэ уонна сайыннардахха, кэнэҕэски кэлэр ыччакка туһалаах буолуо этэ. Остуоруйаттан сиэттэрэн оҕо кинигэ да ааҕыа этиэ, киһи да быһыытынан сайдыа этэ. Остуоруйа диэн тылы уларыппакка эрэ харыстааһын саха омугу уһун үйэлээһин буолар. Тыл үөрэхтээхтэрэ "устуоруйа" диэн сахаларга суох тылы булан остуоруйа диэн тылы уларыта сатааннар сахалар уһун үйэлээх буолууларын суох оҥорор санаалаахтар. Урукку остуоруйатын умнубут, уларыппыт омук эстии суолугар киирэр. Атын омук буолуон сөп.
Оҕолору сахалыы остуоруйалары ааҕаргытыгар ыҥырабын. Остуоруйа киһини кэрэҕэ, сырдыкка эрэ угуйуо. Остуоруйа ааҕыы — билиигэ бастакы хардыы.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.