From Wikipedia, the free encyclopedia
Ноҕай тыла (ногай тили, ногайша) — Дагестааҥҥа, Карачай-Черкес Өрөспүүбүлүкэтигэр, Чечняҕа, Кырыымҥа, Ставрополь кыраайыгар, Астрахан уобалаһыгар олорор ноҕай омук төрөөбүт тыла. 2010 сыллаах биэрэпиһинэн Арассыыйаҕа 87,1 тыһыынча ноҕай тыллаах баар, олортон 81851 ноҕайдар бэйэлэрэ.
Ноҕай тылынан "Шоьл тавысы" уонна "Ногай давысы" диэн хаһыаттар тахсаллар. "Турция саҥата" диэн радио татаар салаата ноҕайдыы "Nuğayça näsixätlär" ("Ноҕайдыы үөрэтии") диэн биэриилээх. Ноҕай тыла Дагестаан уонна Карачай-Черкес Өрөспүүбүлүкэлэригэр судаарыстыбаннай тыл буолар[1].
Ноҕай тыла Кырыым татаардарын тылларын степной диалега буолар. Ол иһин сорох чинчийээччилэр саныылларынан татаар тылын йуртов, алабуҕа уонна кундров диалектара ноҕай тылыгар киирэллэр.
Ноҕай тылым литературнай көрүҥэ караногай диалегар олоҕуран оҥоһуллубута.
Ноҕай тыла түүр тыллар кыпчак-ноҕай бөлөҕөр киирэр. Арассыыйаҕа үс ноҕай диалега баар (Кырыым уонна Добрудь ноҕайдарын диалега туспа аахсыллар):
1928 сылга диэри ноҕай тыла арааб суруктаах этэ, ол кэннэ латыын алпабыыта туттуллар буолбута:
A a | B в | Ç ç | D d | E e | Ә ә | G g | Ƣ ƣ |
I i | K k | L l | M m | N n | N̡ ᶇ | O o | Ө ө |
P p | Q q | R r | S s | Ş ş | T t | U u | Y y |
J j | Ь ь | Z z | V v |
1938 сылтан кирилл суруга туттуллар. Билиҥҥи ноҕай тылын алпабыыта 1950 сыллаахха ылыммыта:
А а | Аь аь | Б б | В в | Г г | Д д | Е е | Ё ё | Ж ж | З з |
И и | Й й | К к | Л л | М м | Н н | Нъ нъ | О о | Оь оь | П п |
Р р | С с | Т т | У у | Уь уь | Ф ф | Х х | Ц ц | Ч ч | Ш ш |
Щ щ | Ъ ъ | Ы ы | Ь ь | Э э | Ю ю | Я я |
Ноҕай тылыгар саҥа чаастара үс бөлөххө арахсаллар: 1) ааттар (аат тыл, даҕааһыннар, сыһыаттар, ахсаан ааттар, солбуйар ааттар); 2) туохтуурдар; 3) көмө тыллар.
Ноҕай тылын солбуйар ааттара:
мен (мин), сен (эн), ол (ол, кини), биз (биһиги), сиз (эһиги), олар (олор, кинилэр).
0 | 1 | 2 | 3 | 4 | 5 | 6 | 7 | 8 | 9 | 10 | |
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
ноль | бир | эки | уьш | доьрт | бес | алты | ети | сегиз | тогыз | он | |
11 | 20 | 30 | 40 | 50 | 60 | 70 | 80 | 90 | 100 | 1000 | |
он бир | йырма | отыз | кырк | элли | алпыс | етпис | сексен | токсан | юз | мынъ |
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.