From Wikipedia, the free encyclopedia
Кутан (нууч. серая цапля, лат. Ardea cinerea) — уһун атахтаах, уһун моойдоох бадараан көтөрө.
Түүтүн үөһээ өттө бороҥ, алын өттө үрүҥ, хара эбирдээх. Уһун сытыы тумустаах. Кээмэйэ син бөдөҥ, улахан көтөр ыйааһына 2 киилэҕэ тиийиэн сөп. Тыһыта атыырынааҕар кыра, ол гынан баран тас көстүүтүнэн улахан уратыта суох.
Сүрдээх киэҥник тарҕаммыт көтөр, ареала Евразия уонна Африка үгүс өттүлэрин сабар. Уу аттыгар олохсуйар.
Бу көтөргө сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.