From Wikipedia, the free encyclopedia
Крушинка (укр. Крушинка) диэн Украина Киев уобалаһын Васильковскай оройуонун сэлиэнньэтэ. Дьонун ахсаана 347 (2013).
Крушинка | |
Координаталара: 50°14′01″ с. ш. 30°21′49″ в. д.50.23361° с. ш. 30.36361° в. д. (G) (O) | |
---|---|
Дойду | Украина |
Иэнэ | |
- Total | 2,16 km² (0,8 sq mi) |
Олохтоохторо (2013) | |
- Total | 347 |
- Чиҥэ | 160,65/km² (416,1/sq mi) |
Үһүйээн этэринэн былыр христиан проповедниктара кэлбиттэригэр олохтоохтор крушиналаах чэй иһэрдибиттэр. Крушина диэн оту иһи ыраастыырга тутталлар. Онтон сылыктаатахха дьээбэрбиттэр эбэтэр кэлии дьону сөбүлээбэтэхтэр быһыылаах.
1851 сыллаахха сурукка киирбитэ биллэр.
Сэлиэнньэ ортотунан Крушинка үрэх ааһар. Кыра Бугаевка диэн сэлиэнньэҕэ тиийэн Бугаевка үрэххэ түһэр. Онтон Бугаевка Стугнаҕа, Стугна Днепрга түһэллэр.
Хас да көлүйэ баар — Еленовка, Рябенковое, Школьнай уонна Дачнай. Дачнайга уу чараппаахыта уонна раак үөскүүллэр.
Еленовкаҕа эмиэ урут раактар бааллара үһү.
Рябенковайтан уонна Еленовкаттан үрүйэлэр тахсан силбэһэллэр уонна сэлиэнньэ кэтэҕин дики усталлар. Баҕа, кыра балык (пескарь, собо) үөскүүр. Бусловка аттыгар (сэлиэнньэ түөлбэтэ) андаатар үөскүүр.
Ууга сороҕор уж диэн дьаата суох эриэн үөнү көрүөххэ сөп.
ССРС бириэмэтигэр колхоз баар этэ, онно турахтаахтары уонна колхоз саадыгар дьаабылакалары хомуйаллар этэ. ССРС суох буолбутун кэннэ колхоз эстибитэ.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.