From Wikipedia, the free encyclopedia
Хаалым балык (нууч. кит) — Кииттиҥилэр аймахтарыгар киирэр үүтүнэн иитиллээччи уу бөдөҥ харамайдара. Пекарскай тылдьытыгар өссө Тиит балык диэн барыл суруллубут, синоним быһыытынан, нуучча тылыттан киирбит диэн бэлиэлээх. Хаалым диэн тыл мондьуур, монгуол тылларыгар ханыылыы тыллардаах эбит. Нууччалыы киит диэн аат гириэк тылыттан киирбит (гир. κῆτος) «муора адьырҕата» диэн суолталаах.
Кииттиҥилэр, ол иһигэр кииттэр сиргэ саамай улахан кыылларынан буолаллар — күөх киит уһуна 25 м (улахана 33м тиийэр), ыйааһына — 90-120 т. Бары кииттиҥилэр, хаалым балыгы, дельфииннэри уонна муора сибиинньэлэрин ааҕан туран сиргэ үөскүү сылдьыбыт ыыраахтаах туйахтаах кыыллартан төрүттээхтэр. Молекулярнай генетика этэринэн кииттиҥилэр бегемоттарга уонна да атын ыыраахтаах туйахтаахтарга чугас аймахтар. Бегемоттар уонна кииттиҥилэр биир өбүгэлэрэ 54 мөлүйүөн сыл ынараа өттугэр олорбут.[1][2] Кииттэр ууга быһа холоон 50 мөлүйүөн сыл ынараа өттүгэр көспүттэр.[3] Кииттиҥилэр аймахтара икки бөлөххө хайдар:
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.