Кашин Виталий Александрович (08.03.1946—03.01.2010) — Азия хотугулуу-илинин таас үйэтин чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.

Thumb
Кашин Виталий Александрович

Олоҕун олуктара

  • 1946 сыллаахха кулун тутар 8 күнүгэр Донецкай уобалас Старо-Млиновка сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ.
  • 1949 с. — төрөппүттэрин кытта Дьокуускайга көһөллөр.
  • 1964 с. — Дьокуускай 9 №-дээх оскуолатын бүтэрээт, ССРС НА Дьокуускайдааҕы филиалын ИКФИиА (билигин Дьокуускайдааҕы билим Киинэ) тэрилтэтигэр техник-наблюдатель үлэтигэр киирэр.
  • 1965 с. — тыл, литература уонна история Институтыгар история салаатыгар, археолог идэтин баһылыыр санааттан, үлэлиир.
  • 1966—1972 сс. — Саха государственнай университетыгар историко-филологическай факультет историяҕа салаатын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрэр.
  • 1972 сылтан — Сэбиэскэй Аармыйа кэккэтигэр сулууспа кэнниттэн, тыл, литература уонна история Институтыгар археология лабораториятыгар үлэтин салҕыыр, Өлүөнэтээҕи археология экспедициятын бөлөхтөрүн уонна этэрээттэрин салайар.
  • 1979—1982 сс. — Новосибирскай куоракка ИИФФ аспирантуратыгар үөрэнэр.
  • 1991—2007 сс. — археология салаатын сэбиэдиссэйэ; аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр Институт историяҕа, археологияҕа уонна этнографияҕа салаатын старшай научнай үлэһитэ.
  • 1991 с. — устуоруйа билимин хандьыдаатыгар «Палеолит Северо-Восточной Азии (история и итоги исследований 1940—1980 гг.)» тиэмэҕэ, Р. Василевскай салайыытынан, суруйбут диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбитэ.
  • 2008 с. — гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр Институт археологияҕа уонна Россия Хотугулуу-Илин омуктарын этническай культураларын салаатыгар старшай научнай үлэһит.
  • 2010 сыллаахха тохсунньу 3 күнүгэр өлбүтэ.

Сигэлэр

Wikiwand in your browser!

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.

Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.