From Wikipedia, the free encyclopedia
Каландарашвили Нестор Александрович (1876, бэс ыйын 26, Кутаиси күбүөрүнэтэ – 1922, кулун тутар 6, Дьокуускай), сорох оччотооҕу дөкүмүөннэргэ Карандашвили диэн суруллар - Саха сиригэр Гражданскай сэрии кыттыылааҕа. Анархист.
1892 сылга дылы Кутаиси гимназиятыгар, онтон Тифлиска учуутал сэминээрийэтигэр үөрэммит. 1895 – 1897 сс. аармыйаҕа сулууспалаабыт. Аармыйа кэнниттэн сэминээрийэҕэ салгыы үөрэнэр.
1903 сылга Гури бааһынайдара өрө турууларыгар кыттыһар. 1907 сыллаахха Сибииргэ ыытыллыбыт. 1917 сылтан анархист-коммунист, кыһыллар диэки буолбута. 1918 сылга Центросибиир этэрээттэр командующайдара этэ. Кини этэрээтэ Амма кытылыгар кэлбит, онтон үөһээ Өлүөнэ бартыһаанныы фронт командующайа буолбут.
1920 сыл ахсынньытыгар Саха уобалаһын уонна Хотугу кыраай кыһыллар сэриилэрин тойоно (командующай). Кулун тутар 6 күнүгэр 1922 сыллаахха Дьокуускайга киирэн иһэн Табаҕа аттыгар этэрээтин кытта тоһуурга түбэһэн өлбүт. 1918 сыллаахха кини Сибииргэ бартыһаанныыр этэрээтигэр сылдьыбыта биллэр. "Сибирский дед" диэн уус уран киинэҕэ көстөн ааһар.
Дьокуускайга кини аатын киин уулуссалартан биирдэстэрэ сүгэр.
Иркутскай, Дьокуускай, Ленскэй, Улан-Удэ, Усть-Кут уонна атын куораттар уулуссалара кини аатынан ааттаммыттара.
Дьокуускай – Покровскай суолга пааматынньык турар.
Дьокуускайга «Каландаришвили» диэн оҕо лааҕыра баар.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.