From Wikipedia, the free encyclopedia
Каженкин Рустам Николаевич — бэйиэт, оскуола учуутала, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун эдэр литератордарын сүбэтин салайааччыта.
good
1985 сыллаахха олунньу 6 күнүгэр Булуҥ улууһугар Күһүүргэ төрөөбүтэ.
Саха судаарыстыбаннай университетын бүтэрбитэ, идэтинэн филолог, литэрэтиирэ кириитигэ уонна эрэдээктэр.
2007 сыллаахха Адыаччы орто оскуолатыгар саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталынан үлэтин саҕалаабыта. Билигин Дьокуускайга “Айыы Кыhата” оскуола учуутала. Үрдүк категориялаах педагог.
Уопсастыбаннай үлэтэ: Саха сирин суруйааччыларын сойууһун эдэр литератордарын сүбэтин салайааччыта, "Сайдыы" төрөөбүт тыл уонна литэрэтиирэ учууталларын ассоциациятын хос бэрэстээтэлэ, СӨ Норуот педагогигатын ассоциациятын бырабылыанньатын чилиэнэ[1].
Бэйиэт, 2013 сыллаахтан Арассыыйа суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Хоһооннорун “Олук тыл” диэн бастакы хомуурунньуга 2007 сыллаахха, иккис “Таас тойуга” диэн хомуурунньуга 2015 сыллаахха, үсүһэ "Үс кустук" 2018, төрдүһэ "Сааһа суох сүрэх ырыата" 2022 сыллаахха тахсыталаабыттара. Саха сирин элбэх сурунаалларыгар уонна хаһыаттарыгар айымньылара бэчээттэнэллэр.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.