Жукова Людмила Николаевна — история билимин кандидата.
- 1952 сыллаахха тохсунньу 11 күнүгэр Дьокуускайга төрөөбүтэ.
- 1975—1978 сс. — Емельян Ярославскай аатынан Дьокуускайдааҕы кыраайы үөрэтэр Музей научнай үлэһитэ.
- 1978—1979 сс. — Камчатка уобалаһын Мильковскай филиалын научнай үлэһитэ.
- 1983—1989 сс. — Саха государственнай университетыгар историко-филологическай факультет нуучча тылыгар кафедратын лаборана.
- 1989—1992 сс. — ССРС СС Дьокуускайдааҕы филиалын иһинэн экономика Институтын научнай үлэһитэ.
- 1992—1994 сс. — аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр Институт научнай үлэһитэ.
- 1995—2004 сс. — этносемиотика лабориятын үлэһитэ, Саха государственнай университет филологияҕа факультетыгар тыл үөрэҕин уонна этнолингвистика кафедратын доцена.
- 2004 сылтан — гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр Институт палеоазиатскай филология секторын старшай научнай үлэһитэ.
Л.Н. Жукова — 70-н тахса научнай үлэлэр ааптардара; 10-н тахса юкагир культуратыгар уонна фольклоругар аналлаах үөрэх кинигэлэрин оҥорбута; юкагирдар фольклордарын, итэҕэллэрин чинчийэр.
- Религия юкагиров. Языческий пантеон (Якутск:Изд-во ЯГУ 1996).
- Одежда юкагиров: генезис и семантика (Новосибирск: Наука, 2009).