Ефимов Никодим Николаевич (15.11.1928—1992) — физико-математическай билим доктора, профессор.
Ефимов Никодим Николаевич
1928 сыллаахха сэтинньи 15 күнүгэр Саха АССР Абый оройуонугар төрөөбүт.
1945—1949 сс. — Дьокуускайдааҕы педагогическай институт физмат факультетын студена.
1949—1952 сс. — Абый оройуонун Дружина орто оскуолатыгар физика уонна математика учуутала, завуч.
1952—1956 сс. — ССРС НА Саха Сиринээҕи филиалын физика проблематын лабораториятын лаборана (1962 сылтан — космофизическэй чинчийиилэр уонна аэрономия Института).
1962—1992 сс. — Институтка бастакы учуонай секретарь, комплексная экспедиция начальнига, лаборатория сэбиэдиссэйэ, Институт директорын солбуйааччыта.
1967 с. — физико-математическай билимнэр кандидаттарыгар «Временные вариации широких атмосферных ливней космических лучей» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбит.
1985 с. — физико-математическай билимнэр доктордарыгар «Широкие атмосферные ливни от космических лучей» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбит.
1988 с. — «Физика атомного ядра и космических лучей» идэҕэ профессор аата иҥэриллибит.
Ленин бириэмийэтин лауреата (1982)
ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ (1982)
Саха АССР билимин үтүөлээх деятелэ
«Бочуот Знага» уордьан
Абый улууһун Ытык олохтооҕо[1]
ШАЛ билим полигонун коллектива күүстээх атмосфернай ардахха «Никодим Ефимов» аатын биэрбит (1992)
Н. Н. Ефимов аата Абый улууһун Үрүҥ Хайа гимназиятыгар иҥэриллибит[2] (2003)
Указ Президента РС(Я) от 28.12.2003 № 1369 «О присвоении имени Ефимова Никодима Николаевича Белогорской гимназии Абыйского улуса Республики Саха (Якутии)»