Долгунча (тэллэй)

From Wikipedia, the free encyclopedia

Долгунча (тэллэй)

Долгунча (лат. Lactarius torminosus, нууч. Волнушка розовая) — үрдүкү тэллэйдэргэ киирэр сиэнэр тэллэй.

Thumb

Сэбирдэхтээх эбэтэр булкаас хатыҥнаах ойуурдарга үүнэр.

Оҥоһуутун ойуулааһын

Сэлээппэтэ: 4-13 см. Бастаан көппөҕөр, улааттаҕына боруонка быһыылаах буолар. Иһирдьэ иэҕиллибит түүлээх иилээх. Розатыҥы кыһыл, чуолкай көстөр тиэрбэстэрдээх.
Таҥалайдаах араҥата: араҕастыҥы роза өҥнөөх, чараас.
Этэ: сырдык саһархай, убаҕаһа аһыы амтаннаах, үрүҥ, дабаххай сыттаах. Салгыҥҥа өҥүн уларыппат.
Атаҕа: Кылгас. Көҥдөй. Сырдык роза өҥнөөх эбэтэр үрүҥ.

Туттуллуута

От ыйа – балаҕан ыйа. Үрдүк хаачыстыбалаах тэллэй. Ол эрээри аһыы амтаннаах буолан тууһуохтарын иннинэ бастаан уһуннук буһараллар. Сэлээппэтин эрэ хатараллар.

Wikiwand in your browser!

Seamless Wikipedia browsing. On steroids.

Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.

Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.