Габышев Николай Алексеевич (10.04.1922—08.12.1991) — саха сэбиэскэй кэминээҕи суруйааччыта, кэпсээнньит, драматуур, тылбаасчыт. Суруналыыс, учуутал, үөрэх мэтэдьииһэ.
1922 сыл муус устар 10 күнүгэр Үөһээ Бүлүү Хомустаах нэһилиэгэр Чоҕулуур диэн алааска төрөөбүтэ. Эһэтэ баай киһи эбит. Аҕата Алексей Спиридонович Дмитриев, ийэтэ Мария Гавриловна Габышева Ньурбаттан төрүттээх. Бииргэ үөскээбит үөлээннээхтэрэ Николай кыра эрдэҕиттэн билиигэ тардыһар, түүннэри кинигэ ааҕар уолчаан этэ диэн ахталлар эбит.
Коллективизация кэмигэр Дмитриевтарга кулаактааһын куттала суоһаабыта. Ол иһин оскуолаҕа киирээри сылдьар саастаах оҕолорун кэскиллэрин быһымаары ыал арахсарга күһэллибитэ, аҕалара ийэлэрин оҕолорун кытта дьахтар аймахтарыгар Дьокуускайга ыыппыта. Николай ол саҕана 6 саастааҕа, Александр диэн быраата 4 саастааҕа. Аҕаларын баайын-дуолун былдьаабыттара, онон дьонугар көмөлөһөр кыаҕа суоҕа. Онон икки кыра оҕолоох дьахтар уолаттара хороччу улаатарыгар иккистээн кэргэн тахсыбыта. Иккис кэргэнэ Павлов Георгий Митрофанович диэн Ньурбаттан төрүттээх киһи этэ. Кыыс оҕону төрөппүттэрэ. 1938 сыллаахха ииппит аҕата норуот өстөөҕө аатыран хаайыыга түбэспитэ, Николай 16 саастааҕа.
Дьокуускайдааҕы учуутал институутун бүтэрбит, онтон 1941 сыллаахха 19 саастааҕар Аллайыахаҕа учууталынан анаммыт. 5 сыл үлэлээбит. Литература А. М. Горькай аатынан инстутуутун үрдүкү литературнай куурустарыгар үөрэммит. Элбэх сылларга учууталлаабыта уонна суруналыыстаабыта, «Хотугу сулус» сурунаалга проза салаатын салайбыта.
Үһүс кылааска сылдьан айбыт хоһоонноро оскуола эркин хаыатыгар тахсаллар эбит. 1946 сыллаахтан бэчээттэммит. 1947 сыллаахха «Хотугу сулус» альманаахха Индигиир өрүскэ буолбут быһылаан туһунан «Хотугу сэһэн» диэн кэпсээнэ тахсыбыта. Бастакы бөдөҥ айымньытын, «Ыраах Амычааҥҥа» сэһэни, 1951 сыллаахха бэчээттэппитэ.
Кылгас көрдөөх кэпсээннэр уонна сатиира кинигэлэрин ааптара. Алмаасчыттар, геологтар тустарынан "Пламя голубого камня" ("В алмазной тайге") диэн сэһэни суруйбута. "Дети мои любимые"(1956) уонна «Таптал» (1964) кэпсээннэр хомуурунньуктарын, "Цветы Колымы" сэһэни (1967) бэчээттэппитэ. Ону тэҥэ "Мои знакомые" (1958) сэһэннэр уонна кэпсээнэнэр хомуурунньуктарын, "Два счастья" пьесаны (1960) суруйбута.
В. Ажаев "Далеко от Москвы" диэн арамаанын сахалыы тылбаастаабыта, М. Шатров "Шестое июля", А. Корнейчук "Память сердца" уо.д.а. пьесалары тылбаастаабыта.
Саха литэрэтиирэтин оскуолатааҕы бырагырааммаларын, учуобунньуктарын уонна хрестоматияларын оҥортообута[1].
«Бичик» кинигэ кыһата 2008 сыллаахха «Уран тыл уустара» сиэрийэҕэ суруйааччы айымньыларын хомуурунньугун таһаарбыта (ISBN 5769629525, 9785769629525)
1991 сыл ахсынньы 8 күнүгэр өлбүтэ.
- Доверие : заметки писателя / Габышев, Николай Алексеевич // Полярная звезда. - Якутск,1973. - N 5.-С.125-130. - Якутск,1973, ББК 83.1(2р54-6я)
- Доброта и гражданственность : (70-летию С.В.Михалкова) / Габышев, Николай Алексеевич // Полярная звезда. - Якутск,1983. - N 1.-С.99-101. - Якутск,1983, ББК 83.51
- Двадцать шагов : рассказ / Н.А.Габышев;Пер.с якут.В.Распутин;Худож.П.Пинкисевича. - Якутск : [б. и.], Б. г. - ; 20см. - Б. ц., ББК 84(2Рос=Як)
- Двадцать шагов : рассказ / Пер.с якут.В.Распутин;Худож.П.Пинкисевича // Огонек. - 1986. - N15.-С.26-27. - С. 1986, ББК 84(2Рос=Як)
- Двадцать шагов; Сказка; Чара; Женщина и медведица; Незлобивые лапландцы [Текст] : рассказы / Пер.с якут.В.Распутин,С.Иванов // Полярная звезда. - 1986. - №1.-С.39-56. - С. 1986, ББК 84(2Рос=Як)
- На любимом мною языке... / Габышев,Николай Алексеевич // Полярная звезда. - 1977. - №2.-С.114-118;№3.-С.106-112. - С. 1977, ББК 83.3(2Рос=Як)
- Ненаписанный роман : документальная повесть / Пер.с якут.А.Шапошниковой // Полярная звезда. - 1982. - N1.-Январь-февраль.-С.24-46. - С. 1982, ББК 84(2Рос=Як)
- Төрөөбүт литературабыт : 8 кылаастаах оскуола 6 кылааһыгар / Н.А.Габышев, Н.Н.Ермолаев оҥордулар. - Якутск : Кн. изд-во, 1972. - 240 с. : ил. ; 20см. - 0.34 р., ББК 83.3(2Рос=Як)я72
- Мин муммутум: Сэһэн / Худож.С.В.Федоров. - Дьокуускай : Кинигэ изд-вота, 1965. - 27 с. : ил. ; 22см. - 00.04 р. ББК 84(2Рос=Як)
- Төрөөбүт литературабыт : учебник-хрестоматия. ҥI кылаас / Н.А.Габышев. - Дьокуускай : Кинигэ изд-вота, 1979. - 208 с. ; 20см. - 00.25 р. ББК 83.3(2Рос=Як)я7
- Эн биһикки олохпут : кэпсээннэр / Н.А.Габышев. - Дьокуускай : Кинигэ изд-вота, 1972. - 248 с. ; 20см. - 00.53 р. ББК 84(2Рос=Як)
- В далеком Амычане : повесть / Габышев,Николай Алексеевич. - Якутск : Кн.изд-во, 1966. - 63 с. ; 20см. - 00.10 р.ББК 84(2Рос=Як)
- Ыраах Амычааҥҥа : сэһэн / Габышев,Николай Алексеевич. - Дьокуускай : Госиздат, 1951. - 64 с. ; 20см. - 2.00 р. ББК 84(2Рос=Як)
- Серебряная береза : рассказы / Габышев,Николай Алексеевич. - М. : Сов.Россия, 1965. - 72 с. : ил. ; 16см. - (Короткие повести и рассказы). - 00.09 р. ББК 84(2Рос=Як)
- Счастье Уллы : рассказы / Пер.с якут.В.Попова и Т.Резвовой;Худож.П.Аносова. - Барнаул : Алт.кн.изд-во, 1972. - 140 с. : ил. ; 16см. - 00.20 р. ББК 84(2Рос=Як)
- Көрдөөх Күндэлэй : көр-күлүү, элэк-эгэлгэ кэпсээннэр / А.Васильев ойуута. - Дьокуускай : Кинигэ изд-вота, 1986. - 168 с. ; 20см. - 00.70 р.
- Төрөөбүт литературабыт : 6 кылааска үөрэнэр учебник-хрестоматия / Габышев Николай Алексеевич. - Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1985. - 208 с. ; 20см. - 0.25 р. ББК 83.3(2Рос=Як)я72
- Төрөөбүт саҥабыт : 3-с кылааска үөрэнэр кинигэ / Н. А. Габышев, Н. И. Филиппова. - 5-с тахсыыта. - Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1983. 1991. - 224 с. : ил. ; 20 см. ББК 81.634.1-921
- Күһүҥҥү кустук : сэһэн / И.Д.Корякин уруһуйа. - Дьокуускай : Кинигэ изд-вота, 1988. - 216 с. ; 20см. - 1.50 р. ББК 84(2Рос=Як)
- Халыма сибэккилэрэ : сэһэн / Габышев,Николай Алексеевич. - Якутск : Кн.изд-во, 1967. - 66 с. ; 20см. - 800.00 р. Перевод заглавия: Цветы Колымы:Повесть для детей ББК 84(2Рос=Як)
- Таптыыр харахпынан : (Роман,сэһэннэр) / Н.А.Габышев. - Якутск : Дьокуускай, 2002. - 240 с. ; 21см. - (Уран тыл уустара). - ISBN 5-7696-1651-2 : 29.50 р. УДК 894.384 ББК 84(2Рос=Як)6-4
- Үтүө аргыстар : орто уонна улахан саастаах оҕолорго / Н. А. Габышев. - Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, 1982. - 189 с. : ил. ; 20 см. - На якут. яз. - 10.00 р. УДК 821.512.157 ББК 83(2Рос=Як)
- Ый күлэр, Якутскай, 1961;
- Yчугэй дьон, Якутскай, 1961;[2].