Бястинов Герасим Дмитриевич – Бэс Дьарааһын
From Wikipedia, the free encyclopedia
From Wikipedia, the free encyclopedia
Герасим Дмитриевич Бястинов (Бэс Дьарааһын) (26.11.1902—21.11.1934) — прозаик, очеркист.
1902 сыллаахха сэтинньи 26 күнүгэр Таатта улууһугар төрөөбүтэ.
Оскуолаҕа 18 сааһыгар киирбитэ.
1931 с. Дьокуускайдааҕы педагогическай техникуму бүтэрбитэ.
1925 сылтан бэчээттэнэрин саҕалаабыта. Прозанан суруллубут хоһооннорго майгынныыр новеллалары суруйара. «Митя стал учеником», «Пелагея» новеллаларыгар Саха Сиринээҕи бастакы оскуолалар күннээҕи олохторо көстөллөр. «Хара сир» кинигэтигэр автор билиигэ, тулалыыр эйгэ кэрэтин ситиһиигэ тардыһыыны туоһулуур. Хас да элбэх кэпсээннэригэр кини саха кумалааннарын уонна батараактарын трагическай дьылҕаларын көрдөрбүтэ («Сын Тэлира», «В метель» уо. д. а.). «Бойобйой» диэн документальнай сэһэнигэр киэҥ историческай фоҥҥа колхоз үөскээһинин ойуулаабыта. Г. Бястинов биир олус кэрэхсибиллээх айымньытынан «Муммут Сөдүөт» диэн очерк-кэпсээнэ буолар. Манна герой урукку олоҕо дьоннор аныгы сыһыаннарыгар сөп түбэспэт буолуута көстөр.
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.