From Wikipedia, the free encyclopedia
Березкин Иван Георгиевич — фольклору, кыраайы үөрэтээччи, түмэл үлэһитэ.
Бастакы Өспөх нэһилиэгэр (билиҥҥи Уус-Алдан улууһа) 1915 сыл тохсунньу 17 күнүгэр төрөөбүтэ.
Саха Сиринээҕи кыраайы үөрэтэр Ем. Ярославскай аатынан түмэлгэ үлэлээбитэ. 1944 сыллаахтан Манчаары туһунан сэһэннэри хомуйарынан дьарыктаммыт. 1968—1970 сылларга НА Саха Сиринээҕи филиалын фольклорнай экспедициятыгар кыттан, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус-Алдан, Нам оройуоннарыгар элбэх матырыйааллары хомуйбута, Манчаары сылдьыбыт сирдэрин кэрийбитэ. Ол түмүгүнэн «Манчаары норуот номоҕор» диэн кинигэни суруйан таһааттарбыта.
Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн Бикипиэдьийэҕэ көмөлөһүөххүн сөп. |
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.