Ыһыраайыл уон икки бииһэ
From Wikipedia, the free encyclopedia
Ыһыраайыл уон икки бииһэ (ивр. שִׁבְטֵי יִשְׂרָאֵל) диэн Дьаакып уон икки уолуттан төрүттээх биистэр. Бу биистэртэн Дьэбэриэй дьоно турар. Ытык суруйуу кэпсииринэн, Дьаакып уолаттарын ийэлэрэ кини икки ойоҕо (Лиэйэ уонна Рахил) уонна икки нүһэйэ (Билха уонна Зилпа) буолаллар.
- Лиэйэ уолаттара: Рувим, Симеон, Леви, Иуда, Иссахар, Забулон
- Рахил уолаттара: Дьуоһуп, Биньямин
- Билха уолаттара: Дан, Нафтали
- Зилпа уолаттара: Гад, Ашер
Дьуоһуп икки уоллааҕа Эфраим уонна Манасия. Дьаакып кинилэри икки биис төрүттээччилэринэн анаабыта. Ол иһин Дьуоһуп аатынан биис Ыһыраайыл биистэрин тиһилигэр суох. Кини оннугар уолаттарын Эфраим уонна Манасия биистэрэ бааллар. Леви удьуордара Таҥара дьоно буолбуттарын иһин кинилэр биистэрэ тиһиликкэ ураты оруннаах.