«Ырх Битиг» («Таҥха кинигэтэ», Ïrq bitig, нуучч. -- Книга гаданий) — быһа холоон IХ үйэҕэ суруллубут былыргы түүрдэр пааматынньыктара. Уйгур каганатын саҕанааҕы кэмҥэ былыргы түүр бичигинэн суруллубут, 13,75х8,75 см кээмэйэдээх, 104 сирэйдээх дьоҕус кинигэ.
Ырх Битиг бастакы икки сирэйэ ( 5b уонна 6a сирэйдэ).
"Таҥха кинигэтин" сэттис каартата
Ырх Битик сүрүн тиэкиһин икки тиһэх сирэйигэр кытайдыы будда хоһоонноро көстөллөр (55b и 56a фолио).
Ырх Битиг 11 биттэниитэ (4-4-3 кубик) (13 а фолио): «Үтүө сонуну аҕалар араҕас аттаах илдьит уонна хараҥа кугас аттаах илдьит кэлэр, -- дэнэр. Бил маннык: (биттэнии) олус үсүгэй.