From Wikipedia, the free encyclopedia
Чуораанчык (нууч. колокольчик, лат. Campanula spp.) сайын бэс ыйыгар уонна от ыйыгар үүнэр кэрэ көстүүлээх, эмтээх үүнээйи. Кини барыта 300 көрүҥнээх. Европаҕа, Кавказка, Хотугу Америкаҕа тарҕанан үүнэр. Чуораанчыгы хааны тохтоторго, ыарыыны уҕаргытарга, уоскутарга уонна эмтииргэ тутталлар. Бу сибэккигэ араас туһалаах химическэй веществолар бааллар, холобура: каротин, кофейнай уонна кумаровай кислоталар, кальций, магний, фосфор уонна калий, ол иһин элбэх туһалаах үүнээйи.
Уһуна 30-50 см, уһун көнө силистээх. Сибэккитэ 3-4 см, халлаан күөх уонна хара саарыл дьүһүннээх, чуораанчык курдук быьыылаах буолар.
Киин уонна соҕуруу оройуоннарга тарҕаммыт, Лена өрүс кытылыгар үүнэр. Алааска, ходуһаҕа, добуун сиргэ, хайаларга киэҥник тэнийэн үүнэр.
Бу үүнээйини былыр өбүгэлэрбит куттаммыт, кута ыстаммыт оҕону эмтииргэ туһаналлара. Ыарыыны уҕаркытарга, уоскутарга, эмтииргэ хатарыллан мэлиллибит 1 ост.ньуоска чуораанчыгы 1 курууска итии ууга кутан, сабан, сойуор диэри туруоруллар. 1 ньуосканы күҥҥэ үстэ аһыах иннинэ иһиллэр. Тиис, күөмэй, куолай ыарыыларыгар сайҕаналлар. Чуораанчык уутунан дьаҥ, атеросклероз ыарыыларын эмтииллэр. Ыт ытырбыт сиригэр чуораан отун уураллар ыарыытын угуттаатын диэн.
С.Ю.Кожурова, Айылҕа эмтээх сүмэһинэ. Дьокуускай: "Якутия" медиа-холдинг, 2014-64с.
Бу ботаникаҕа сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.