Суорат от
From Wikipedia, the free encyclopedia
Суорат от эбэтэр Харыйа от (Achilléa millefólium L.) (нууч. тысячелистник обыкновенный) СИБЭКИ
Кини тыа саҕатыгар, ходуһаҕа, алааска, от үрэх сүнньүнэн хойуутук үүнэр. Умнаһын үрдүгэ 20—50 см, уһун синньигэс силиргэх силистэрдээх. Хардарыта үүммүт, куорсуҥҥа маарынныыр бытырыыс сэбирдэхтэрдээх. Кыра тэтэркэйдиҥи үрүҥ сибэккилэрэ ситтэхтэринэ, умнаһын тоһута тутан хомуйуллар. Күлүк, салгыннаах сиргэ холбуу баайталаан, ыйаан куурдуллар. Сэбирдэҕэ күһүөрү сайдар. Сайын убаҕас, иинэҕэс буолар.