Ороһуоспа
From Wikipedia, the free encyclopedia
Ороһуоспа диэн христиан итэҕэлигэр Исус Христос төрөөhүнүн бэлиэтиир күн. Григориан халандаарынан ахсынньы 25 ылыллар. Cорох илин христиан таҥара дьиэлэрэ Ороhуоспаны тохсунньу 7 бэлиэтииллэр (Юлиан халандаарынан)[1].
Ороhуоспа төрүкү христиан бэлиэ күнэ эрээри, билигин аан дойдуга барытыгар киэҥник бэлиэтэнэр, христиан буолбатах да дьон эмиэ сөбүлээн бэлиэтииллэр.
Ороhуоспа биллэр үгэстэрэ: дьон бэйэ бэйэлэригэр бэлэх бэрсэллэр (оҕолорго бэлэхтэри Санта Клаус аҕалар), эҕэрдэлээх хаарталарынан атастаhаллар, таҥара дьиэтигэр сылдьаллар, уруу-аймах дьон бииргэ мусталлар, ас астыыллар, ороhуоспа маhын киэргэтэллэр, дьиэ иhигэр уонна таhырдьа уоттары уонна гирляндалары ыйыыллар.