From Wikipedia, the free encyclopedia
Нуул эбэтэр 0 (ниэм. Null → нууч. Ноль) — математикаҕа суох бэлиэтэ, эбэтэр атын чыыһыла сорҕото.
Былыргы дьон нуулу билбэттэрэ. Холобур, сайдыылаах былыргы гириэктэр да, былыргы риимлэннэр да нуулу суокка туттубаттара, бэлиэтиир сыыппаралара суоҕа. Сабаҕалааһынн быһыытынан, былыргы Вавилон олохтоохторо нуулга майгынныыр, кини билиҥҥи сорох функциятын толорор бэлиэни биһиги ээрабыт иннинэ 700 сыл ынараа өттүгэр туттар буолбуттар. Маны билэн Клавдий Птолемей диэн астроном нуулу эмиэ чыыһыланы чыыһылаттан араарар бэлиэ курдук туттубута, холобур, 45 чыыһыланы 405 чыыһылаттан араарарга. Билиҥҥи Миэксикэ оннугар баар буола сылдьыбыт Маайа цивилизацията туһанара биллэр. Аан бастаан нуулу чыыһыла быһыытынан 628 сыллаахха Ииндийэ математига Брахмагупта киллэрбитинэн ааҕыллар. Арҕаа дойдуларга нуулу алта үйэ ааспытын кэннэ Хотугу Африкаҕа үөскээбит Леонардо Пизанскай — Фибоначчи «аҕалбыта»: 1202 сыллаахха «Liber Abaci» диэн кинигэтигэр нуулу ойуулаабыта[1].
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.