![cover image](https://wikiwandv2-19431.kxcdn.com/_next/image?url=https://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/8/81/Rouble-1961-Paper-1-Reverse.jpg/640px-Rouble-1961-Paper-1-Reverse.jpg&w=640&q=50)
Манат
From Wikipedia, the free encyclopedia
Манат (азерб. уонна турк. manat) — ССРС кэминээҕи сылларга сэбиэскэй солкуобай азербайджан уонна туркмен тылларыгар официальнай аата. Билиҥҥи кэмҥэ — Азербайджан уонна Туркмения омук валюталара, азербайджан маната уонна туркмен маната, сөп түбэһиннэрииннэн.
![Thumb image](http://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/8/81/Rouble-1961-Paper-1-Reverse.jpg/640px-Rouble-1961-Paper-1-Reverse.jpg)
Туркменистан 1 маната 100 тенгеҕэ тэҥнээх. Туркменистаҥҥа сэбиэскэй кэм кэннэ манаты туттуу 1993 сыллаахха сэтинньы ыйтан киирбитэ. Азербайджан Республикатын маната 1992 сыллаахха атырдьах ыйыгар туттууга киирбитэ. Биир азербайджан маната 100 гяпикка тэҥнээх (азерб. qəpik).