![cover image](https://wikiwandv2-19431.kxcdn.com/_next/image?url=https://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/f/f2/Bariloche-_Argentina2.jpg/640px-Bariloche-_Argentina2.jpg&w=640&q=50)
Күөл
From Wikipedia, the free encyclopedia
Күөл — муораны кытта бэйэтинэн силбэспэт уу түөлбэтэ. Күөл хотоолун үөскээһинэ араас буолар: тектоникаттан — сир хаҕын быстыылара; ледниктэн — ледник рельебин хотооллоро; лиманнар — муораттан быстыбыт түөлбэлэр; элгээннэр — өрүс эргэ үөстэрин быстаҕас тара; термокарстан — сир аннынааҕы муус ууллан, ньуур сууллуута; карстан — суураллар боруодалар суох буолбуттарыттан ньуур намтааһына; быһыттан — киһи оҥорбут эбэтэр айылҕаҕа эниэ сиҥнэн үөскэппит быһыттааһына. Ууларын эрэ сииминэн бүтэй уонна сүүрээннээх күөллэр бааллар. Итинтэн да атын классификациялар баар буолуохтарын сөп. Аан дойдуга күөллэр иэннэрэ 2,1 мөл. км² (күөллээҕэ — 1,4 %). Саамай киэҥ күөл — Каспий муората, саамай дириҥ — Байкал.
![Thumb image](http://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/f/f2/Bariloche-_Argentina2.jpg/640px-Bariloche-_Argentina2.jpg)
![Thumb image](http://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/d/db/Oeschinen.jpg/640px-Oeschinen.jpg)
![Thumb image](http://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/e/e1/Rila_7_lakes_circus_panorama_edit1.jpg/640px-Rila_7_lakes_circus_panorama_edit1.jpg)
Так как: куль, кёль, кел, гёль, кул (түүр.); кул (тадж.); гёль (перс); кул (хинди); гуэлъ (адыг.) — күөл; хель (был. кэриэй) — муора.