Кылыс
From Wikipedia, the free encyclopedia
From Wikipedia, the free encyclopedia
Кылыс — охсор, анньар уонна быһар биилээх сэрии сэбэ. Тутаахтаах метал уhун кырбаhа. Аан дойду элбэх цивилизацияларыгар баар.
Саха кылыһа биитин тимирэ 90-116 см, угун уһуна 17 см кэриҥэ. Саха сиригэр баара-суоҕа 5 эрэ кылыс көстүбүтэ (Уус Алдан, Кыһыл Кырдал, 1985 с; Үөһээ Бүлүү, Нам, 1963 с.;…) Мантан 2 кылыс биитин оҥоһуута батас биитин курдук муннуктуу синньээн тахсар, 3 кылыс биитэ муннуга суох уһугар сыыйа тахсар. Балартан батастыы (ортотуттан ыла эмискэ синньиир) бии-лээх 2 кылыһы чинчийээччилэр түҥ былыргы кылыстарынан ааҕаллар.
Кылыһы аттаах киһи кыайан туттар кыаҕа суох. Кылыһы ыарахана, улахана бэрдин иһин сатыы сылдьар киһи икки илиитинэн эрэ туттар кыахтаах. Кытайдарга эмиэ кылыс курдук «дадао» диэн 1,5-2 м уһуннаах, ыарахан ыйааһыннаах сэрии сэптээхтэр. Дадаонан куйахтаах аты ортотунан быһа охсон кэбиһиэххэ сөп үһү. Сэрэйдэх-хэ, кылыс сэриигэ эмиэ итинник туттуллубут буолуохтаах.
Кылыс түүр омуктарга «кылыч», «клыч», «кылыш» диэн ааттанар. Хакастарга «хылыс» диэн аатыран сүрүн сэрии сэбэ буола сылдьыбыт. Туроктарга эмиэ «килич» диэн янычардар саабылалара баар этэ. Киһи дьиибэргии истэрэ баар — ыраахтааҕы казактара «клыч» диэн саабыланы ааттыыллар эбит. Манна таарыйан эттэххэ, «саабыла» диэн эмиэ төрүкү түүр тыла сылдьар.
Бу ыстатыйаны тупсарарга?:
|
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.