From Wikipedia, the free encyclopedia
Кумамо́то (дьоп. 熊本県 Кумамото-кэн ) — Кюсю регионугар Кюсю арыыга баар префектура. Префектура болуоссата 7404,79 км², олохтоохторун ахсаана — 1 794 784 киһи. Административнай центра — Кумамото куорат.
Урут бу сир Хиго провинцията диэн ааттаах эбит, аата Кумамото диэҥҥэ Мэйдзи кэмигэр уларыйбыта.[1] Провинциялары префектураҕа уларытыы урукку феодаллыы тиһиги уларытыы иһинэн барбыт. Билиҥҥи Кумамото диэн тыл туруору тылбааһа «эһэ силиһэ / төрдө» диэн.
Камакура кэмэ 1185-1333 сс. хабар. 1268 уонна 1271 сыылларга Камакура сёгунат Моҕуол эйэ туһунан этиилэрин ылымматаҕа. Кини туох баар Кюсю феодалларыгар ханнык баҕарар моҕуол кимэн киириитин утары туралларыгар бирикээстээбитэ. Такэзаки Суэнаага (Takezaki Suenaga) бу кэм туһунан элбэх ойууларры хаалларбыта.
Такэзаки Суэнага (1246-1314) Хиго провинция харалдьыта этэ, кини икки Моҕуол кимэн кииритин кэмигэр сэриилэспитэ. 1293 сыллаахха бэйэтин байыаннай өҥөтүн көрдөрөр ойуу свитогын сакаастаан уруһуйдаппыта. 1274 сыллаахха моҕуоллар кэлбиттэригэр Суэнага Фукуокаҕа Муто Кагесуке анныгар кыргыспыта. Суэнага сылгыларын уонна ыҥыырдарын атыылаан Камакураҕа барар суолун төлөөбүтэ, онно баран бэйэтин өҥөтүн кэпсээбитэ. Билиниини ыларга ол туһунан атын киһи кэпсиэхтээҕэ. Свитокка суруйарынан, Суэнага эппит: «Оҥорбутум биллэриттэн уонна билиниллэриттэн ураты олох олорор төрүөтүм суох», - диэн, манан кини албан аакка уонна харчыга дьулуспута көстөр.
Бакуматсу кэмэ Токугава сегунат кэнники кэмнэрин хабар. Йокои Сонан (Yokoi Shōnan, 1809-1869) Япония учуонайа уонна бэлиитикэни уларытааччыта этэ, кини Токугава сегунаата охтон эрдэҕинэ улахан сабыдыаллааҕа. Йокой Кумаомтоҕа төрөөбүт самураай этэ, Эдо куоракка 1839 үөрэххэ ыыппыттар, онно сылдьан уларытыыны киллэрэр санаалаах Мито Домен дьонун кытта алтыспыт. Кумаотоҕа төннөн баран Неоконфуцианство идиэйэлэрин тарҕаппыт. 1857 сыллаахха кинини Эчизен «даймира» Мацудайра Ёсинага ыҥыран бэйэтин сүбэһитинэн анаабыт. Үрдүктүк сыаналаммыт эрээри 1869 сыллаахха өлөрүллүбүт.
Маннык сабыытыйалар буолбуттара Бакумата, Мэйдзи (1868), Хан тиһигин суох гыныы (1871) уонна Сатсума бастаанньата (1877). 1876 сыллаахха Кумаоато префектура диэн билиҥҥи аата баар буолбута.
Каста тиһигин ууратыы туһунан ыйаах 1876 сыллаахха тахсыбыта, самураайдар кыыһырбыттара. Саиго Такамори (Saigō Takamori), Мэйдзи уларыта тутуу дьоруойа уонна көҕүлээччитэ Мэйдзи киин бырабыыталыстыбатыттан тахсан Кагосимаҕа төннүбүтэ.
1877 сыллаахха Сацума аармыйата Кумамотоҕа кэлбитэ, ол эрээрри икки ый куорраты кыайан ылбакка осадалаабыта. Аармыйа кэлиэн иннинэ тулалыыр сэлиэнньэни барытын уоттаан кэбиспиттэрэ. Кумамото заамагын көмүскээччилэр тойоннорро Тани Татейки этэ, кини Тайваньнааҕы экспедицияҕа кыттыбыт этэ (1874).
Кумамото префектуратыгар 14 куорат уонна 9 уезд баар (23 бөһүөлэк уонна 8 сэлиэнньэ).
Куораттар:
|
|
бөһүөлэктэр уонна сэлиэнньэлэр уезстарга:
|
|
|
|
|
|
Маннык успуорт хамаандалара префектуураҕа олоҕуран дьарыктаналлар:
Халыып:Unreferenced section
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.