From Wikipedia, the free encyclopedia
Казах тыла (Қазақ тілі) диэн түүр тылларыттан биирдэстэрэ, олортон ногай уонна каракалпак тылларыгар чугас. Кыргыз, татар, башкурт, соҕуруу алтай тылларын кытта кыпчак бөлөҕөр киирэр.
Казах тыла Qazaq tili, Қазақ тілі | ||
---|---|---|
Кэпсэтэллэр : | Казахстан, Кытай, Монголия, Афганистан, Тадьикистан, Түркийэ, Түркменистан, Украина, Узбекистан, Россия, Иран | |
Регион: | Орто Азия | |
Бары кэпсэтээччилэр: | 12 млн | |
Ranking: | 66 | |
Тыл ууhа: | Алтай Түүр Кыпчак Кыпчак-Ногай Казах тыла | |
Суруга: | Кирилл, Латин, Араб | |
Ил суолталаах | ||
Ил статустаах: | Kazakhstan | |
Салайыллар: | no official regulation | |
Тыл кодтара | ||
ISO 639-1: | kk | |
ISO 639-2: | kaz | |
ISO 639-3: | kaz | |
Note: This page may contain IPA phonetic symbols in Unicode. |
Казах тыла Казахстаҥҥа ил тыла, онно 10 млн. казах тыллаах баар. Икки мөлүйүөнтэн тахса Кытайга, 560.000 Россияҕа, 200.000 Монголияҕа. Ону таhынан казах тыллаахтар Орто Азияҕа (бастатан туран Узбекистаҥҥа), Афганистаҥҥа, Ираҥҥа, Түркийэҕэ уо.д.а. дойдуларга бааллар.
ССРС үөрэҕириитин саҕаланыар диэри, Казахстаҥҥа араб суругун тутталлар. ССРС састаабыгар сылдьан, түүр тыллара бары латиницаҕа көһөн барбыттара, онтон иккиһин кириллицаҕа көспүттэрэ. ССРС ыһыллыытын кэнниттэн ыаллыы государстволар (Узбекистан, Туркменистан) 1993 сыллаахха латинскай сурукка көһөн барбыттара. Казахстаҥҥа правительство 2017 сылга эрэ быһаарыыны ылынна. Кини этэринэн, сүнньүнэн элбэх апострофтаах варианы оҥорбуттар. Ол кэнниттэн вариант буукубаларынан табыгаһа суох буукубаларынан эргийбиттэр. Вариант хаппыт, клавиатураны оҥорууга компаниялар итинник раскладканы оҥорорго аккаастаммыттара эбээт. үһүс вариант 2021 сыллаахха ылыллыбыта. Казахстан латиницаҕа 2025 сылга көһөр.
А а | Б б | В в | Г г | Ғ ғ | Д д | Е е | Ё ё | |
Ж ж | З з | И и | Й й | К к | Қ қ | Л л | М м | |
Н н | Ң ң | О о | Ө ө | П п | Р р | С с | Т т | |
У у | Ұ ұ | Ү ү | Ф ф | Х х | Һ һ | Ц ц | Ч ч | |
Ш ш | Щ щ | Ъ ъ | Ы ы | І і | Ь ь | Э э | Ю ю | Я я |
A a | A’ a’ | B b | D d | E e | D d | F f | G g |
G’ g’ | H h | I i | I’ i’ | J j | K k | L l | M m |
N n | N’ n’ | O o | O’ o’ | P p | Q q | R r | S s |
S’ s’ | C’ c’ | T t | U u | U’ u’ | V v | Y y | Y’ y’ |
Z z |
A a | Á á | B b | D d | E e | F f | G g | Ǵ ǵ |
H h | I i | I ı | J j | K k | L l | M m | N n |
Ń ń | O o | Ó ó | P p | Q q | R r | S s | T t |
U u | Ú ú | V v | Y y | Ý ý | Z z | Sh sh | Ch ch |
A a | Ä ä | B b | Ç ç | D d | E e | F f | G g | |
Ğ ğ | H h | I i | I ı | Y y | J j | K k | Q q | |
L l | M m | N n | Ŋ ŋ | O o | Ö ö | P p | R r | |
S s | Ş ş | T t | U u | Ü ü | V v | W w | Z z | |
Билигин Казахстаҥҥа уонна Монголияҕа кирилл алпабыытынан тутталлар, онтон Кытайга олорор казахтар араб бичигинэн тутталлар. Президент Нурсултан Назарбаев укааһынан 2025 сыллаахха дылы Казахстан казах тылын суруга латин алпабыытыгар көһүөхтээх.
Казах тылын араас бичигинэн суруллубут Киһи быраабын бирдэһиллибит декларацията бастакы ыстатыйаттан быһа тардыы:
Кирилл алпабыыта | Саңа латин алпабыыта | Араб алпабыыта | Латиница ҚазАқпарат | Сахалыы тылбаас |
Барлық адамдар тумасынан азат және қадір-қасиеті мен құқықтары тең болып дүниеге келеді. Адамдарға ақыл-парасат, ар-ождан берілген, сондықтан олар бір-бірімен туыстық, бауырмалдық қарым-қатынас жасаулары тиіс. | Barlyq adamdar týmasynan azat jáne qadir-qasıeti men quqyqtary teń bolyp dúnıege keledi. Adamdarǵa aqyl-parasat, ar-ojdan berilgen, sondyqtan olar bir-birimen týystyq, baýyrmaldyq qarym-qatynas jasaýlary tıis. | بارلىق ادامدار تۋمىسىنان ازات جانە قادىر-قاسيەتى مەن قۇقىقتارى تەڭ بولىپ دۇنيەگە كەلەدى. ادامدارعا اقىل-پاراسات، ار-وجدان بەرىلگەن، سوندىقتان ولار ءبىر-بىرىمەن تۋىستىق، باۋىرمالدىق قارىم-قاتىناس جاساۋلارى ءتيىس. | Barlıq adamdar twmasınan azat jäne qadir-qasïeti men quqıqtarı teñ bolıp dünïege keledi. Adamdarğa aqıl-parasat, ar-ojdan berilgen, sondıqtan olar bir-birimen twıstıq, bawırmaldıq qarım-qatınas jasawları tïis. | Дьон барыта бэйэ суолтатыгар уонна быраабыгар тэҥ буолан төрүүллэр. Кинилэр бары өркөн өйдөөх, суобастаах буолан төрүүллэр, уонна бэйэ бэйэлэригэр тылга кииринигэс быһыылара доҕордоһуу тыыннаах буолуохтаах. |
Аныгы казах тыла диалектарга арахсыбат, ол эрэн үс (говор) баара биллэр: хотугулуу-илиҥҥи, соҕурууҥҥу уонна арҕааҥҥы, ол сүрүннээн казах үс жузтара (уустара) тарҕанан олорор сирдэригэр сөп түбэһэр. Атын дойдуларга өр кэмҥэ ойуччу олорбут буолан, Кытай (со5урууҥҥу уонна хотугулуу-илиҥҥи говордар) уонна Монгуол (хотугулуу-илиҥҥи говор) казахтарын саҥарар тылларын лексикалара кыра уратылардаах. Ол эрэн ол уратылар кэпсэтэр дьоҥҥо улахан мэһэйи үөскэппэттэр, бэйэ-бэйэлэрин судургутук өйдөһөллөр. Ол биир үксүн казах аҕатын уустара, хонууга олорор буоланнар, атын омуктардааҕар бэйэ-бэйэлэрин кытта сылдьыыһыылара элбэҕиттэн буолар.
Казах судаарыстыбыннаһа сайдыбыт кэрчик кэмнэриттэн тутулуктанан араас кэмҥэ казах литературнай тыла хотугулуу-илиҥҥи уонна арҕааҥҥы говордорга олоҕурара. Билиҥҥи казах литературнай тыла дойду урукку киинин Алматы куорат говоругар олоҕурар. Сорох чинчийээччилэр барааба (Сибиир) татаардарын, харахалпаах уонна ногай тылларын казах тылын диалектарынан ааттыыллар.
Казах литературнай тыла Абаай Кунанбаай уонна Ибрай Алтынсарин ыыппыт үлэлэрин түмүгэр XIX үйэ иккис аҥаарыгар олоҕурбута. Ол саҕана арааб алпабыыта киэҥник туттуллара. ССРС бары омуктарын суруга-бичигэ (славяннартан ураты) 1929 сыллаахха латыын алпабыытыгар көспүтэ уонна нэһилиэнньэни үөрэхтээһин күүскэ ыытыллыбыта. Ити кэмҥэ казах литературата муҥутуу сайдыбыта, үгүс элбэх саҥа суруйааччы, айымньы тахсыбыта. 1937 сыллаахха Казахстан суруйааччыларын Сойууһа тэриллибитэ. Ол кэннэ 1940 сыллаахха казах тылын суруга-бичигэ кириллицаҕа көспүтэ .
«В, ё, ф, ц, щ, ч, ъ, ь, э» буукубалар киирии тылларга эрэ туттуллаллар.
Фонетика өттүгэр казах тыла атын түүр тылларыттан кыра уратылаах.
Казах тыла | Кыргыыс тыла | Туурак тыла | Азербайдьаан тыла | Татаар тыла | Узбек тыла | Саха тыла | ||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
«Ч(Ç/Ch)» → «Ш» | ашты | ачты | açtı | açtı | ачты | ochti | аста | |||||||
«Ш(Ş/Sh)» → «С» | бас | баш | baş | baş | баш | bosh | бас | |||||||
Дж(C)/Җ/«Й(Y)» → «Ж» | жоқ | жок* | yok | yox | юк | yoʻq* | суох |
Уос | Тиис уонна тиис уйата | Постальвеолярнай | Палатальнай | Велярнай | Увулярнай | Глоттальнай | ||||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
Мунну | /m/ | /n/ | /ŋ/ | |||||||||||
Эстии | /p/ | /b/ | /t/ | /d/ | /k/ | /g/ | [q] | |||||||
Аффрикаттар | (ts) | /ʒ/ | (tɕ)Халыып:Нет АИ | [ʑ]Халыып:Нет АИ | ||||||||||
Фрикативнай | (f) | (v) | /s/ | /z/ | /ʃ/ | [ɕ]Халыып:Нет АИ | (x) | [ʁ]Халыып:Нет АИ | (h) | |||||
Флаптар | /ɾ/Халыып:Нет АИ | |||||||||||||
Аппроксиманттар | /l/ | /j/ | /w/ |
кытаанах | сымнаҕас |
---|---|
/ɑ/ | /æ/, /e/ |
/o/ | /ɵ/ |
/ʊ/ | /ʉ/ |
/ə/ | /ɘ/ |
Казах тылыгар аҕыс сирэй солбуйар аат баар:
Биир ахсаан | Элбэх ахсаан | ||
---|---|---|---|
Казахтыы | Сахалыы | Казахтыы | Сахалыы |
Мен | Мин | Біз | Биhиги |
Сен | Эн | Сендер | Эhиги |
Сіз | Эн | Сіздер | Эhиги |
Ол | Кини | Олар | Олор/Кинилэр |
Казах тылыгар 7 түһүк баар.
Түһүк | Ыйытыы | сыһыарыы |
---|---|---|
Төрүөт түһүк (Атау септік) | ким? (кім?) туох? (не?) | — |
Араарыы түһүк (Ілік септік) | кими? (кімнің?) тугу? (ненің?) | -ның, -нің, -дың, -дің, -тың, -тің |
Сыһыарыы түһүк (Барыс септік) | кимиэхэ? (кімге?) туохха? (неге?) ханна? (қайда?) | -ға, -ге, -қа, -ке, -на, -не, -а, -е |
Туохтуу түһүк (Табыс септік) | кими? (кімді?) тугу? (нені?) | -ны, -ні, -ды, -ді, -ты, -ті, -н |
Локатив (Жатыс септік) | кимиэхэ? (кімде?) туохха? (неде?) ханна? (қайда?) | -да, -де, -та, -те, -нда, -нде |
Таһаарыы түһүк (Шығыс септік) | кимтэн? (кімнен?) туохтан? (неден?) хантан?(қайдан?) | -дан, -ден, -тан, -тен, -нан, -нен |
Туттуу түһүк (Көмектес септік) | кимниин? (кіммен?) туохтуун? (немен?) | -мен, -бен, -пен, |
0 | 1 | 2 | 3 | 4 | 5 | 6 | 7 | 8 | 9 | 10 | |||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|---|
нөл | бiр | екі | үш | төрт | бес | алты | жеті | сегіз | тоғыз | он | |||
11 | 20 | 30 | 40 | 50 | 60 | 70 | 80 | 90 | 100 | 1000 | 10000 | 1000000 | |
он бір | жиырма | отыз | қырық | елу | алпыс | жетпіс | сексен | тоқсан | жүз | мың | он мың | миллион |
Казах тыла | Саха тыла |
Қайырлы таң | Үтүө сарсыарданан |
Қайырлы түн | Үтүө күнүнэн |
Қайырлы кеш | Үтүө киэһэнэн |
Сәлеметсіз бе? | Эҕэрдэ / Дорообо |
Сәлем | Дорообо |
Иә | ээх |
Жоқ | суох |
Қалыңыз қалай? | Хайдаххытый? |
бәрі ойдағыдай | барыта үчүгэй |
жақсы | үчүгэй |
жаман | куһаҕан |
керемет | бэрт |
көп рахмет | улахан махтал |
Аман бол | чэгиэн буол |
Сау болыңыз! | Көрсүөххэ диэри |
Қош келдіңіз(дер) | Нөрүөн нөргүй |
Ертеңге дейін! | Сарсыҥҥа диэри |
Танысып қойыңыз, бұл менің досым Арман | Билсэн кэбиһиҥ, бу мин доҕорум Арман |
Бұлар менің балаларым | бу мин оҕолорум |
Мен сізді бір жерде көрген сияқтымын | Мин эйиигин ханна эрэ көрбүтүм |
Сенің атың кім? | Аатыҥ кимий? |
Менің атым – Жан. Тегім – Бейсембин | Мин аатым Жан, фамилиям Бейсембин |
Мынау менің досым. Оның аты Қайрат | Бу мин доҕорум. Кини аата Кайрат |
Сенің ұлтың кім? | Эн омугуҥ кимий? |
Оның ұлты қазақ па? | Кини омуга казах дуо? |
Мен қазақпын | Мин казахпын |
Сен неше (қанша) жастасың? | Эн хас саастааххын? |
Менің жасым отыз бесте | Мин сааһым отут биэс |
Қазір сағат қанша? | Билигин хас чааһый? |
Қазір түнгі сағат он екі | Билигин түүн уон икки чаас |
Кіруге бола ма? | Киириэххэ сөп дуо? |
Жоқ, болмайды | Суох, сатаммат |
Мені күте тұрыңызшы! | Миигин күүтэн туруң! |
Маған көмектесіңізші | Миэхэ көмөлөһүҥ |
Жолыңыз болсын! | Дьоллоох айаны |
Кешіріңіз | Алҕас |
Барлықтарына рақмет! | Барыгытыгар махтал |
Оқасы жоқ/Тілеуің болсын | Баһаалыста |
Дәретхана қайда екен? | Туалет ханан баарый? |
Көрмегелі қанша болды? | Көрсүбэтэх ыраата |
Қай жердікісіз? | Хантан төрүттээххин? |
Күніңіз жақсы өтсін! | Үчүгэй күнү баҕарабын |
Ас дәмді болсын! | Минньигэстик аһаа (Ас минньигэс буоллун) |
Бұл қанша тұрады? | Бу хастааҕый? |
Қашан келдіңіз? | Хаһан кэллиҥ? |
Сіз орысша сөйлейсіз бе? | Эн нууччалыы саҥараҕын дуо? |
Қалыңыз қалай? | Дьыалаҥ хайдаҕый? |
Мен сені сүйемін | Мин эйиигин таптыыбын |
Мен сені сағындым | Мин эйиигин аҕынным |
Құттықтаймын | Эҕэрдэлиибин |
Рахмет, сізді де | Махтал, эйиигин эмиэ |
Жаңа жылыңызбен | Саҥа дьылынан |
Бар арманыңыз орындалсын | Баҕа санааларың барыта туоллуннар |
Ең жақын кинотеатр қай жерде? | Чугас кинотеатр ханна баарый? |
Ертең ауа райы қандай болады? | Сарсын хайдах халлаан буолар? |
Менің мұражайға барғым келеді | Мин музейга барыахпын баҕарабын |
Мен сахаша/якутша білмеймін | Мин сахалыы билбэппин |
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.