![cover image](https://wikiwandv2-19431.kxcdn.com/_next/image?url=https://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/a/ad/Seto-Inland-Sea-Photo.jpg/640px-Seto-Inland-Sea-Photo.jpg&w=640&q=50)
Дьоппуон Иһинээҕи байҕала
From Wikipedia, the free encyclopedia
Дьоппуон Иһинээҕи байҕала (дьоп. 瀬戸内海 Сэто-Найкай) — Чуумпу океан байҕала. Хотуттан уонна илинтэн Хонсю арыы, соҕуруулуу-арҕааттан — Кюсю арыы, онтон соҕурууттан — Сикоку арыы чэрчилииллэр.
![Thumb image](http://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/a/ad/Seto-Inland-Sea-Photo.jpg/640px-Seto-Inland-Sea-Photo.jpg)
![Thumb image](http://upload.wikimedia.org/wikipedia/commons/thumb/4/4d/Seto_Inland_Sea.jpg/640px-Seto_Inland_Sea.jpg)
Арҕаа Симоносэки силбэһиинэн Дьоппуон байҕалы кытта сибээстээх, Чуумпу океаны кытта Хаясуи уонна Бунго сиилбэһиилэринэн соҕуруулуу-арҕаа, Кии уонна Наруто силбэһиилэриилэринэн илин диэкки сибээстээх.
Иэнэ 18 000 км² кэриҥэ. Устата арҕааттан илиҥҥэ 445 км, Кэтитэ хотуттан соҕуруу 15 — 55 км.
Чычаас байҕал, орто дьириҥэ 20-60 м. Ордук дьириҥэ — 241 м. Уутун тууһун таһыма 30—34 ‰. Уу орто температурата атырдьах ыйыгар 27°С, олунньуга 16°С. Хомо уонна арыы дэлэй. Түгэҕэ кумах уонна таас.