Балхаш
From Wikipedia, the free encyclopedia
Балха́ш (Балка́ш[1][2]; каз. Балқаш) — сүүрээһинэ суох аҥаарынан тууһа суох Казахстан соҕуруу-арҕаа өттүгэр сытар күөл. Иэнинэн туустаах күөллэртэн иккис миэстэҕэ турар (Каспий байҕал кэнниттэн) уонна улахан күөллэртэн 14 миэстэҕэ турар. Күөл дэҥҥэ көстүүтэ - кыра силбэһигинэн туустаах (илин өттө) уонна иһэр уу (арҕаа өттө) икки аҥынан хайдыыта.
Күөл Казахстан үс улууһугар сытар: Алма-Ата, Жамбыл уонна Караганда. Күөл хоту өттүгэр Сары-Арка хайалара тэнийэн сыталлар, арҕаа өттүгэр Бетлак-Дала, соҕуруу өттүгэр Чу-Или хайалара, Таукум уонна Сарыесик-Аытрау кумах куйааардара.