Атырдьах ыйын 18 диэн Григориан халандаарыгар сыл 230-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 231-c күнэ). Сыл бүтүө 135 күн баар.
- 1732 — Иван Федоров, Михаил Гвоздев уонна Кондратий Мошков салайааччылардаах "Св. Гавриил" ботунан "Улахан сири" көрдүү барбыт эспэдииссийэ чилиэннэрэ Хотугу Америка кытылын көрбүттэр.
- 1845 — Нуучча географическэй уопсастыбата тэриллибит.
- 1868 — Франция астронома Пьер Янссен Күн өлүүтүн кэмигэр Күн тас бүрүөһүнүн чинчийэн саҥа элэмиэни, гелийи, арыйбыт.
- 1921 — Корнет Михаил Коробейников баһылыктаах кыһылларга сулууспалыы сылдьыбыт эпиһиэрдэр бөлөхтөрө Дьокуускайтан күрээбит. Балаҕан ыйын бүтүүтүгэр бу этэрээт Ньылхаҥҥа тиийбит. Онно Сэбиэскэй былааһы утары өрө турар туһунан кэпсэтии ыыппыттар.
- 1929 — Сарсыарда 7 чааска Дьокуускай үрдүнэн «LZ 127 Zeppelin» дирижабль көтөн ааспыт. Халлаантан үс бакыат бырахпыттар. Көстүбүтүн курдук түргэнник соҕуруулуу-илин диэки көтө турбут, салгыы Айаан үрдүнэн көтөн Токиоҕа тиийэн тохтоон ааспыта биллэр. Хуго Эккенер салалталаах аэростат 21 суукка иһигэр 33 тыһ. км ордугу ааспыт, аара үс сиргэ тохтообут уонна хас да аан дойду рекордун олохтообут[1]. Бу дирижабльга көтөн испит киһи оччотооҕу Дьокуускайы кинопленкаҕа устубута баар.
- 1940 — Аан дойду иккис сэриитэ: Германия люфтваффе сөмүлүөттэрэ Британия салгынын флотун урусхаллыыр соруктаах улахан риэйдэ оҥорбуттар. Ол саҕанааҕы саамай улахан салгын кыргыһыыта буолбут. Бу күнү Британияҕа "ордук ыарахан күн" (The Hardest Day) диэн аатынан билэллэр. Икки өттүттэн элбэх сөмүлүөт сууллубут.
- 1958 — АХШ-ка Владимир Набоков «Лолита» диэн айдааны тардыбыт арамаана тахсыбыт.
- 1971 — Вьетнам сэриитэ: Австралия уонна Саҥа Зеландия бэйэлэрин сэбилэниилээх күүстэрин Вьетнамтан таһаарарга быһаарыы ылбыттар.
- 1984 — Москубаҕа «Дружба-84» оонньуулар аһыллыбыттар. Ол сайын Лос-Анжелеска буолбут Олимпиаданы социалистыы дойдулар бойкуоттаабыттара. 9 дойду спортсменнара (ССРС, Болгария, Венгрия, ГДР, КНДР, Кууба, Монголия, Польша, Чехословакия) бэс ыйыттан балаҕан ыйыгар диэри бэйэлэрэ күрэхтэспиттэрэ.
- 1991
- Михаил Горбачёв Фороска (Кырыым) дьиэтигэр хаайыллыбыт.
- Сойуус саҥа сөбүлэҥин илии баттыырга үлэ салҕанан бара турара (былаан быһыытынан сиэр-туом атырдьах ыйын 20 күнүгэр буолуохтааҕа). Саха ССР дэлэгээссийэтэ Москубаҕа сөбүлэҥҥэ илии баттыырдыы тиийбит.
- 2017 — Финляндия устуоруйатыгар бастакы теракт буолбут. Бу быһылаан кэннэ уопсастыбаҕа миграаннары утары аймалҕан тахсыбыт.
- 1912 — Андрей Захаров (29.12.1997 өлб.) — Саха сирин сэбиэскэй кэминээҕи биллиилээх бэлиитигэ.
- 1915 — Георгий Бессонов (2005 өлб.) — Тойбохойго үлэлээбит биллиилээх педагог, Социалистыы Үлэ Дьоруойа.
- 1931 — Надежда Сивцева — саха уонна нуучча тыллара Саха сирин суруйааччыларын айар үлэлэригэр ирээттэрин, тыллар алтыһыыларын үөрэппит чинчийээччи, филология билимин хандьыдаата.
- 1947 — Аркадий Новиков, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Дьаҥхаады нэһилиэгин Бөдьөлөк сэлиэнньэтигэр (2015 с. өлб.) — көрдөөх артыыс, режиссер, СӨ үтүөлээх үлэһитэ.
- 1952 — Артур Софронов (21.06.1991 өлб.) — устуоруйа билимин хандьыдаата.