From Wikipedia, the free encyclopedia
Ан-24 (НАТО классификациятынан: Coke — «Кока») — пассажирдары таһар турбиналаах көтөр аал. Орто уонна кыра линияларга туттуллар.
3 000 км көтөр, түргэнэ чааска 490 км, ыйааһына 21 т. Икки АИ-24 турбиналаах мотордаах. 1959 — 1979 сылларга оҥоһуллубба.
Барыта 1200 тахса аал оҥоһуллубута. Билиҥҥи туругунан өссө даҕаны 300[1] аал үлэҕэ баар, сүрүннээн СПГ уонна Африка дойдуларыгар.
1959 сыл алтынньы 20 күнүгэр бастаан көппүтэ. 1962 сыл саҥатыгар Киев куоракка серияҕа тахсыбыта. 1962 балаҕан ыйыгар Киев — Херсон тарссаҕа пассажирдары таһар буолбута.
1979 сылга диэри оҥоһуллар этэ. Барыта 1200 тахсыбыта, Ону таһынан Кытайга Y-7 диэн ааттаах тахсар этэ.
2006 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан Арассыыйаҕа 207 көтөр аал туһаныллар этэ.
Барыта 2010 сыл атырдьах ыйын 2 күнүнээҕи туругунан барыта 144 аал сааххаллаабыта[2].
Seamless Wikipedia browsing. On steroids.
Every time you click a link to Wikipedia, Wiktionary or Wikiquote in your browser's search results, it will show the modern Wikiwand interface.
Wikiwand extension is a five stars, simple, with minimum permission required to keep your browsing private, safe and transparent.